Читать онлайн Тыын былдьаһыгар бесплатно

Тыын былдьаһыгар

КИИРИИ ТЫЛ

Биһиги өбүгэлэрбит былыр-былыргыттан үтүө дьон эбит. Төрөөбүт-үөскээбит аар айылҕаларын харахтарын харатын курдук харыстыыллара. Сиргэ-уокка сиэри-туому тутуһаллара, бэйэ-бэйэлэригэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһаллара. Сахалар өркөн өйдөөх, сылайбат сындааһыннаах дьон буолан, бу томороон тымныыга силис-мутук тардан, үүнэн-чэчирээн, сайдан-сириэдийэн олордохпут. Быһый атахтаах бөрөнү туут хайыһарынан ситэн бултуур сындалыйбат сындааһыннаах дьон эбиттэр. Оннук ситэн бултуулларын итэҕэйбэт этим да, Сунтаар сорсуннаах булчуттарын туһунан кинигэ суруйа сылдьан бөрөнү сиппит Аппырыкаан Миитэрэйэби көрсөн, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэн итэҕэйбитим.

Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх дьон буолан, ньуолбар сэрэх саһылы айа кылыытын эстэрэн, маалтаар оноҕоһунан сүнньүн тосту түһэрэн, сымара таас курдук өрө сүгүллүбүт аакка киирбит суостаах-суодаллаах ардьай анаҕастаах адьырҕаны аҥаардас тайыынан арҕахха киирэн бултууллара. Дьэ оннук хорсун санаалаах, эр сүрэхтээх дьон этэ.

Сахалар мындыр буолан айаны, тыатааҕы сохсотун, тиргэни, чааркааны, кыра кыылларга сохсолору айдахтара уонна сатабыллаахтык туһаннахтара. Дьэ ити сатабылбыт, сылайбат сындааһыммыт, өркөн өйбүт, эр сүрэхпит барыта холбоһон, аан дойдуга биллэбит. Омук хайдаҕа аан дойду араас күрэхтэһиитигэр көстөр эбит. Тустууктарбыт өбүгэлэриттэн бэриллибит булчут хааннаах буолан, сири сиксигинэн арҕаран, кыайыы-хотуу көтөллөөх эргийэн кэлэллэр. Ол курдук, икки олимпиада уонна аан дойду чөмпүйүөннэрдээхпит. Билигин норуоту ахсаанынан буолбакка, чулуу дьонунан сыаналыыллара биллэр.

Ол эрээри билигин оҕолор айылҕаттан тэйэн мөлтүү быһыытыйдылар. Көмпүүтэргэ, тэлэбиисэргэ хам хатанан олорор буоллулар. Кыра саастаах оҕолорбут сатаан сахалыы саҥарбакка, тэлэбиисэргэ көстөр дьон, кыыл саҥатын үтүктэллэр. Дьиэҕэ-уокка төрөппүттэр сахалыы сайаҕастык кэпсэппэккэ, оҕолор ийэ тылларын, ийэ өйдөрүн эмиэ сүтэрдилэр. Мин Бүлүү Лөкөчөөнүгэр сырыттахпына биир оҕо, кыыллар саҥаларын үтүктэ-үтүктэ, нууччалыы саҥара сатаахтаабыта. Бу оҕо нуучча диэни илэ көрбөтөх, тэлэбиисэр оҕото. Хомойуох иһин маннык оҕо элбэх. Тыаҕа да олорор дьон нууччалыы саҥараллар. Тыл өллөҕүнэ – норуот өлөр.

Мин ити көстүүнү утаран, улуустары кэрийэн, кырдьаҕас булчуттары көрсөн, атах тэпсэн олорон, кинилэр сылдьыбыт быһылааннаах сырыыларын, тылларын-өстөрүн ууһун-уранын, булт сиэрин-туомун, үгэстэрин хомуйан суруйан эрэбин. Булт тыла – саха тылын сүөгэйэ-сүмэтэ.

Билигин тылбытын-өспүтүн умнан моһуогуруох курдук буоллубут. Аны уолаттарбыт эр киһилии иитиллибэт буолан, кыыс курдук сараҥнаабыт, сыбыахайдаан хаамар уол элбээн иһэр. Уһуйаантан саҕалаан дьиэҕэ, оскуолаҕа тиийэ дьахтар иитэр-үөрэтэр. Уол оҕону хайдах дьиҥнээх эр киһи гына иитиэй? Дьахтар эр киһи үлэтин сатаабат, булду-алды билбэт. Кини кыыс оҕону күн күбэй ийэ буоларга бэлэмниир.

Кыыс оҕо айылҕаттан көрсүө-сэмэй буолан кыһамньылаах, онон үөрэҕи ылла. Эр дьон тыаҕа сопхуостар эстэннэр үлэтэ суох хаалбыта. Онон сорох ыалга эр дьон дьыбаан киэргэлэ буолла, санаата түһэн аһыы утахха убанна. Сорох дэриэбинэлэргэ сарсыардааҥҥы сахсаан, киэһээҥҥи кэпсэл арыгы эрэ тула эргийэр буолла. Ким, ханна төһөнү испитэ. Арыгыһыты өрө тутуунан, аһыммыта, мөхпүтэ буолуунан күн бүтэр. Сорох эр дьон уһуктаат, хантан арыгы булан иһэбит диэн сыаллаахтар-соруктаахтар. Куоракка даҕаны итинник дьон аҕыйаҕа суох.

Дьиҥинэн, сахалар аҕыйах сыллааҕыттан бэттэх, сопхуос буолан баран, арыгыны элбэхтик испиппит. Билигин тэрээһин барыта арыгылаах, аһыы утаҕы испэтэххэ табыллыа суох курдукпут. Аҕыйах сыл иһигэр дьон санаата уларыйар эбит. Аны билигин наркотик диэн адьарай аһа тиийэн кэллэ. Бу саха норуотун улаханнык эмсэҕэлэтэр дьаат буулаата. Арыгыга, наркотикка эдэр ыччат убанар төрдүн, төрүөтүн билиэххэ уонна туоратыахха. Эдэр дьон көҥүл босхо баран, олус иллэҥ буолан, кытаанахтык ыга тутар аҕа суох буолан, куһаҕан дьаллыкка ылларда. Мин тус санаабар арыгыттан быыһанар суол үлэ, спорт, айылҕа уонна булт буолар. Оҕо төбөтүн иһигэр арыгы, наркотик диэн өйдөбүл суох буолуохтаах. Оҕо кыратыттан булка, спорка убаныахтаах. Аар айылҕата дьарыга суох сатаммат турукка киириэхтээх, күн солото суох сылдьыахтаах. Ити мин этэр итэҕэстэрим баар кыһалҕа, ону билинэн көннөрүнүөх тустаахпыт. Билигин эдэр ыччат үксэ спорка олус көхтөөх буолан иһэрэ биллэр. Спортивнай саалалар киэҥ уораҕайдарыгар сарсыардааҥҥыттан киэһээҥҥэ диэри ыччат толору мустан дьарыктанар. Арыгыны иһэр, табаҕы тардар ыччаттары омнуолуу көрөллөр.

Мин оскуолаҕа үөрэммит кылааспыттан ылан көрдөххө, улуу тириэньэрбит Миитэрэй Бөтүрүөбүс Куоркун уонна тустуу көмөтүнэн, чулуу дьон иитиллэн тахсыбыттара. Холобур: биир атаспыт бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан үлэлээбитэ, үс милииссийэ полковнига, үтүөлээх тутааччылар, үтүөлээх тириэньэрдэр бааллар. Дьэ бу спорт иитэр-үөрэтэр чаҕылхай холобура буолбатах дуо? Бөтүрүөбүс үлэлииргэ үөрэппитэ.

Уол оҕо уон түөрт сааһыгар диэри сатабыл, эт-сиин, күүс-күдэх, өй-санаа өттүнэн саастаахтарыттан хаалсыа суохтаах. Тугу даҕаны сатаабат, мөлтөх, унньу-санньы түспүт уолу оҕолор атаҕастыыллар. Уол оҕону аҕата кыра эрдэҕиттэн батыһыннара сылдьан сиэргэ-туомҥа, булт үгэстэригэр үөрэтиэхтээх. Ол сорох ыалга кыаллыбат. Хомойуох иһин аҥаардас ийэлэр бааллар, ыал аҕата да барыта булка, сиргэ-уокка сылдьыбат. Онон бу кинигэбин уол оҕо иитиитигэр көмөлөөх буоллун диэн суруйдум. Баҕар биир эмэ уол ааҕан баран, дьиҥнээх эр киһи буоллаҕына, кинигэм сыалын ситтэ дии саныам этэ.

Бу кинигэҕэ уонтан лаппа тахса булчут араас моһолу туораан, өлө-өлө тиллэн, мүччү-хаччы туттаран, эр санаалаах дьон буолан, өлөр өлүүттэн быыһаммыттара сурулунна. Аан дойду ааттаахтарын уонна тыа боростуой дьонун олоҕу көрүүлэрэ, сиэрдэрэ-майгылара, уол оҕо ыксаллаах, өлөр-тиллэр мөккүөрүгэр хайдах бэйэ бодотун тардынан, өлөр өлүүнү кытта туруулаһыахтааҕа ойууланна. Хаһан баҕарар атах анныттан алдьархай адаҕыйыан сөп, онно бэлэм буолуохтаахпыт. Кураанах куолутааҕар, тус мин санаабар, дьиҥ олохтон ылыллыбыт кэпсээннэр, оҕо сүрэҕэр-быарыгар, өйүгэр-санаатыгар тиийимтиэ буолаллар. Ыал аҕата эрэ барыта бултаабат, онон кинигэҕэ баар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕан, уол оҕону көлдьүн, ээл-дээл быһыыттан, арыгыттан тэйитэн чөл олоххо сыһыардаҕына, саха дьоно дьолбут буолуо этэ.

Күндү ааҕааччы, сынньалаҥҥар умсулҕаннаах кэпсээннэри ааҕаргар сүбэлиибин, дьоллоох-соргулаах буол!

Ааптар

Маҥнайгы түһүмэх

Олохпор өйдөөн хаалбыт түгэннэрим

Маҥнайгы булт

Ханнык да киһиэхэ оҕо сааһа ордук күндү, истиҥ буолар эбит. Кыра сырыттахха буолбут сырдык чаҕылхай түгэн өйгөр сөҥөн хаалар. Миэхэ, сааһыран эрэр киһиэхэ, ойор-тэбэр оҕо сааһым дьикти түгэннэрэ сотору-сотору харахпар көстөн кэлэллэр. Өйбөр одоҥ-додоҥ сөҥөн хаалбыты сурукка тиһэргэ холоннум, онон эһиги истиҥ, мин кэпсиим.

Кыра сылдьан сүрдээх мэник-тэник, биир сиргэ түптээн-таптаан олорбот оҕо үһүбүн. Түөртээх-биэстээх бэдик ынах этэрбэстээх уонна Кочубей курдук бэргэһэлээх этим. Кочубей диэн киинэҕэ көстөр үрүҥнэри кытта сэриилэспит үрүҥ папаахалаах кыһыл хамандыыр. Онтон миэнэ маҥан каракуль бэргэһэ этэ. Торбос тириитэ ботуоҥкалааҕым, онно «бултуур тэрилбин»: арагаайканы уонна бадараанынан оҥоһуллубут, оһоххо хатарыллыбыт буулдьаны уктарым. Маннык таҥнан-симэнэн, хорсун кыһыл хамандыырыныы сананан, тэлгэһэм иһигэр мас аты миинэн сүүр да сүүр буоларым. Былыргы ынах этэрбэс барахсан, быата эрэ сөллүбэтэр, сүүрэргэ чэпчэкитэ сүрдээх буолара. Убайдарым моҕотойдуу баралларыгар куруук кыра диэн хааллараллара, онуоха ытыы-ытыы эккирэтэрим. Улаатан борбуйбун көтөхпүтүм да кэннэ, ыраах бултуу баралларыгар хаалларар этилэр. Хаалар сүрүн сылтаҕым: түөрт киһи «ИЖ-56» диэн көлөөскөтө суох матасыыкылга баппаппыт.

Арай биирдэ, биэс саастаахпар, киэһэ мас аппын миинэн тэлгэһэ иһигэр сүүрэн элээрэ сырыттахпына, аҕам ыҥыран ылан: «Сарсын бултуу барыахпыт», – диэтэ.

Аны бэрээдэги кэстэхпинэ сарсын илдьиэхтэрэ суоҕа диэн боччумурдум. Бэл, аны куота барыахтара диэн сээбэҥнээн утуйбатым.

Сарсыарда эрдэ эбэбин кытта тэҥҥэ турдум. Торбоһун этэттэрэригэр1 көмөлөстүм, оҥкучахтан күөрчэх үүтүн таһаардым, илии-атах буоллум. Үлэ-хамнас, бэрээдэк бөҕөтөбүн, «барсар инибин» диэн испэр эрэл санаалаахпын. Убайдарым ийэбитин кытта кирпииччэ үктүөхтээхтэр, ол иһин эдьиийбин Маайыһы илдьэ барар буоллубут.

Бөһүөлэктэн чугас, урут биһиги дьоммут олорбут Мээндийэ диэн сайылыктарыгар тирилэтэн тиийдибит. Күөх сайын сатыылаан турар кэмэ буолан, Эбэбит барахсан тупсубут аҕай. Алаас былаһын тухары сибэкки, көрүөххэ эриэккэс, кэрэмэн кэрэ. Халлааҥҥа күөрэгэй ыллаан дьирибиниир, сүүрэр-көтөр арааһа манна мустубут. Аҥаардас салгыныттан, отун-маһын сытыттан-сымарыттан туймаарыах курдукпун, тулам чап-чаҕылхай, сып-сырдык. Мин ыллыах-туойуох санаам кэлэр эрээри, аҕабыттан саллан «мык» да диэбэппин.

Биһиги матасыыкылбытын сайылыкка хаалларан, ыллык устун тыаҕа таҕыстыбыт. Оту-маһы тоһуппакка саҥата суох өр хаамтыбыт, мин умайар уот куйааска дэлби утаттым, тамаҕым хатта уонна кумаар да сиэн кэһэттэ. Кэлэр сырыыга илдьэ кэлиэ суоҕа диэн аҕабар кыҥкыйдаабаппын. Дьэ кэмниэ кэнэҕэс, кэтэһэн кэлтэгэй буолтум кэннэ, сэндэҥэ тыа көһүннэ.

Бары дүөдэ2 кытыытыгар бөкчөччү туттан, тыаһа-ууһа суох чөм-чөм үктэнэн үөмэн киирдибит. Дүөдэ ортотугар биир улахан кус хороллон олорор. Аҕам ол эрэ куска кыһаммат. Мин куһу көрбөт диэн ыйан көрдөрдүм, киһим сапсыйан кэбистэ. Синньигэс билии нөҥүө иккис дүөдэ баар эбит, онно үөмэн суксуруһан тиийдибит. Аҕам тохтоон, дүөдэ кутуругун халампааһынан кыҥастаста.

Эмискэ көрө түспүтүм: уу кытыытыгар улахан ньолбойбут төбөлөөх, таллайбыт кулгаахтаах кугас ынах сытар. Үөнтэн-көйүүртэн көмүскэнэн даллайбыт кулгааҕынан сапсынар.

Аҕабын саҥата суох ойоҕоско астым уонна: «Аҕаа, ынах сытар», – диибин. «Бачча ыраах хайаларын ынаҕа кэллэҕэй, арааһа, ыалбыт Настааччыйа ынаҕа буоллаҕа дуу» дии саныыбын.

Онуоха аҕам сибигинэйэн: «Тайах, айдаарыма», – диэтэ уонна оройго оҕуста.

Биир уостаах отут икки халыыбырдаах саатынан өр соҕус ыксаабакка кыҥаан баран ытан хабылыннарда, онтон тута сөрөөн, иккиһин ытта. Кыылбыт бүдүрүйэ-бүдүрүйэ туран кэллэ.

Мин куотар буолла дии санаатым уонна: «Барда-а-а! Ыт-ыт!» – диэн хаһыы бөҕөтө түһэрдим.

Онуоха аҕам холку баҕайытык: «Ууга оҕуннаҕына, хайдах хостуохпутуй?» – диэтэ.

Мин икки дүөдэ билиитинэн тайах диэки хатыс ууннаран туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистим. Арай сүүрэн элээрэн тиийбитим, кыылым ойуур быыһынан миигин утары бу турар эбит. Хааннаах хараҕынан халыччы көрбүт, дагдаллан улахана да сүрдээх, харах да харах, кулгаах да кулгаах, төбө да төбө. Мин көрбөтөхпүн көрөн, үөйбэтэхпэр түбэһэн, сарылаат, төттөрү сүүрдүм. Эмискэ, ычык быыһынан ыллык устун сүүрэн марайан иһэн аҕам түөһүгэр кэтиллэ түстүм.

Үһүөн тайахха тиийбиппит – кыылбыт охтубут, аҕам сааны уунан баран: «Баай Байанай биэрдэ, салҕаан сүүскэ ыт», – диэтэ.

Мин саа эстэригэр санныбын күүскэ анньыа диэн уонна тайахтан дьулайан, куттанан ыппатым. Онуоха эдьиийим сааны ылан ытан бурҕас гыннарда.

Ол сыл эдьиийим алын сүһүөх оскуолатын бүтэрэн, Хатылыга үөрэнэ барбыта. Онно тиийбитигэр Дьөгүөссэ тайах бултаабыт кыыһа бэһис кылааска үөрэнэ кэлбит диэбиттэр. Ол курдук эдьиийим Маайыс саҥа оскуолаҕа маҥнай булчутунан биллэн, онтон дуобаттаан, оҕолорго Арассыыйа хамаандатыгар киирэн, Сойууска тиийэ күрэхтэһэ сылдьыбыта.

Ити маҥнайгы булдум кэннэ оруобуна үйэ аҥаара ааста. Кыһалҕата суох оҕо сааһым биир чаҕылхай түгэнэ өйбөр сотору-сотору эргийэн кэлэр, ол иһин бу кэпсээни суруйдум. Биһиги ийэлээх аҕабыт дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбиттэрэ, онон махталым муҥура суох.

Куобахха туһахтааһын

Мин оскуолаҕа киирэ иликпинэ, убайдарбын кытта сарсыарда эрдэ турар этим. Кинилэр оскуолаҕа барбыттарын кэннэ, маспын, мууспун киллэрэн, ынахтарбын уулатыһан, үлэни-хамнаһы үмүрүтүһэн баран уһанарым.

Сэрии сэбин туһунан халыҥ кинигэ баара, онтон үтүктэн бэстилиэт оҥорорум. Сүрэҕэлдьээтэхпинэ, сылайдахпына эбэм оронугар олорон, кини хотонтон киирэрин кэтэһэ таарыйа, утуйан буккураан хааларым.

Сороҕор ыалларбытыгар аймахпыт уолга Сөрүөскэҕэ, эбэтэ Даайа эмээхсин хотоҥҥо таҕыстаҕына, доҕор буоларым. Оонньуу сылдьан сотору-сотору ойон кэлэн илин түннүгүнэн дьиэм оһоҕун буруотун кэтиирим. Эбэм хотонуттан киирэн оһоҕун отуннаҕына, кыһыҥҥы дьыбардаах сарсыарда буруота халлааҥҥа өрө тыргыйан тахсара дьикти үчүгэй көстүү этэ. Даайа эмээхсин хотонтон киирдэ да, мин таҥаспын сыыһа-халты кэтээт, дьиэбэр ыстанарым.

Билигин кыһын дойдубар дьыбардаах сарсыарда оһохтор буруоларын кэтээн көрөбүн да, эбэм оһоҕун буруотун курдук кэрэ, киһи сүрэҕиттэн-быарыттан сүппэт кэрэ көстүүнү көрө иликпин. Тоҕо оннуга эбитэ буолла? Оҕо барыны кэрэтитэн көрөрүттэн эбитэ дуу?

Биирдэ кыһын аҕам Тарааҥка өтөҕөр куобахха туһахтаа диэтэ. Тарааҥка өтөҕө диэн биһиги дьиэбититтэн көстөн турар тыаны этэллэр. Мин, бултуу барар киһи быһыытынан, айгыстыы бөҕө буоллум. Эбэм таҥаспын-саппын көрөн, тоҥмот гына таҥыннарда. Эбэм Ылдьаана уҥуоҕунан кыра эрээри, түргэн-тарҕан туттунуулаах, элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх эмээхсин этэ. Кини эдэригэр Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн сүктэн кэлбитэ үһү.

Мин өр гыныам дуо, көстөн турар сиргэ начаас ойон тиийдим. Куобах суола бөҕө, төттөрү-таары барбыттара-кэлбиттэрэ элбэх. (Тарааҥка өтөҕөр хайа да дьылга куобах баар буолааччы). Сөбүлүү көрбүт сирбэр туһахтарбын баайталаан истим. Син бодьуустаһан уонча туһаҕы ииттим. Күн аайы үлэбин-хамнаспын үмүрүтэн баран туһахпын көрө ыстанабын. Киэһэ утуйаары сытан хас куобах иҥнибитэ буолуой диэн толкуйдуубун, куобах туһахха иҥнэн олорорун төбөбөр оҥорон көрөбүн. Оннооҕор биир улахан да улахан муус маҥан куобах иҥнэн олорорун түһээн көрдүм. Дьэ хас да хонукка мэлийэн кураанаҕы куустум, маҥнайгы омунум-төлөнүм ааһан, санаам түһэн барда.

Аҕам биир күн барыста, туһахтарбын көрөн баран: «Маннык иитэн куобаҕы үйэҕэр ылыаҥ суоҕа», – диэн соһутта уонна туһахпын саҥалыы иитэн, көннөрөн биэрдэ. Сарсыныгар тиийбитим ойуур быыһыгар биир куобах хаары хаһар курдук мөхсөр. Мин маҥнай куобах хаары хаһан аһыы олорор диэх курдук санаатым, онтон өйдөөн-дьүүллээн, сыныйан көрбүтүм: туһахха иҥнэн мөхсөр эбит. Куобахпын туппутунан дьиэбэр көтөн түстүм. Эбэм олус үөрдэ, уотун аһатта, миигин алҕаата.

Ол кэмтэн ыла үйэ аҥаарын устата эбэм алгыһынан, аҕам сүбэтинэн сыл аайы туһахтыыбын. Куобах суох даҕаны дьылыгар Баай Байанай кыратык өлүүлээччи. Күһүҥҥү, кыһыҥҥы чэбдик салгыҥҥа көҥүл сүүрэ-көтө сылдьан бултууртан, сир-дойду кэрэтин көрөртөн ордук туох баар буолуой.

Аһымаҕа

Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн баран Горнай улууһугар Аһымаҕа учууталынан үлэлии сырыттым. Сандал саас эргийэн, саха эр дьонугар саамай күүтүүлээх – кус кэмэ тиийэн кэлбитэ. Мин уруокпун бүтэрэн баран, эбиэттэн киэһэ Чэкээ үрэҕин кэрийэбин. Саас эрдэ, күөлгэ уу тахса илигинэ, үрэххэ кус мустар. Үрэх кытыытыгар кыра ууга дурда туттубутум. Киэһэ дьиэм диэки төннөн иһэн, онно хонон ааһабын. Сарсыарда уруокпун биэрээт, күнүс кустуу ыстанабын. Оччолорго эдэрбин, бултуур баҕа баһаам.

Дьэ биир күн куолубунан үлэлээн баран, үрэҕи кэрийэн, Чэкээ муостатыгар тиийдим. Манна үрэх кэҥиир сирэ, үс кыра көлүччэлээх. Мин үөһээ сыыр быарыгар сынньана олордум. Арай элбэх кынат куһугураан тыаһаата. Үрдүк мэҥэ халлааны өрө хантайан көрбүтүм: отучча кус ортоку ууга түһэн барылаата. Мин аргыый аҕайдык үөмэн киирдим. Наһаа сымнаҕас кустар эбит. Барыта чыркымайдар. Арай от быыһыттан атыыр судьу төбөтө көһүннэ, ону хаптаччы ыттым. Онтон тыһыта дайан тахсыбытын охтордум.

Салгыы баран истим. Биир атыыр чыркымай иннибиттэн көтөн тахсан үрэх тоҕойугар тиийэн түстэ. Аргыый хааман киирдим. Арай көрбүтүм: атын чыркымайдар хороһон аҕай олороллор эбит. Маҥнай хаастар дуу дии санаатым, өр толкуйдуу барбакка, биир чугаһын ыттым. Көтөрдөрүм үрэх тоҕойун эргийэ дайдылар. Мин, ботуруон укта-укта, быһа сүүрдүм. Көҥүһү өҥөс гыммытым, хайа сах ааһан эрэллэр эбит. Кэнники куһу ыттым – умса кэлэн түстэ. Онтон инникини ыттым – тиэрэ кэлэн түстэ. Ылан көрбүтүм: хаас саҕа кустар. Мин «туох кустара буоллаҕай?» диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Онтон улуннар быһыылаах диэн сэрэйэ санаатым.

Муостаҕа тиийэн баран, төннөн кэлэн дурдабар хоннум. Көлүччэм кыра баҕайы да, кэлбит кус быһа ааспат. Күн тахсыыта кэлэллэр. Күн сардаҥатын утары көрдөххө, халба атыыра түөһэ саһаран бастаан иһэр буолар. Эбэтэр чааппара көҕөннөр барахсаттар түүлэрэ-өҥнөрө кэрэтин. Мородулар, чыркымайдар астыктарын. Хайа булчут маннык кэрэ көстүүттэн долгуйан нохтолоох тойон сүрэҕэ күүскэ тэбиэ, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай. Көлүччэм кыра буолан, халлаан сырдаабытын кэннэ кэллэхтэринэ, туох баар кэрэ өҥнөрө-дьүһүннэрэ бу баар курдук дьэрэлийэн көстөр. Ууга түһэллэригэр кынаттарын араастаан хамсаталлара этиэхтэн эриэккэс. Аны кынаттарын тыаһа дьикти кэрэ дорҕоон буолан иһиллэр. Айылҕа барахсаҥҥа сынньанан, ол саас олус үчүгэйдик бултаабытым.

Үллэһик

Хайахсыкка үлэлии сылдьабын. Учуутал күнүгэр өрөөтүбүт. Өрөбүлү туһанан, матасыыкылынан дойдубар тиийдим. Ийэм «убайдарыҥ Нуучча Үрэҕин баһын үүтээнигэр бааллар» диэбитигэр, өл хабаат, онно ыстаннардым.

Үүтээҥҥэ киэһэ тиийдим, дьонум үөрэ көрүстүлэр. Убайдарым, абаҕам, таайым Мэхээлэ уонна аҕам булка үөрэппит киһитэ Өндөрөй бааллар. Өндөрөй турбут-олорбут, күүстээх-уохтаах, атаҕынан лаппа кыанар киһи этэ. (Билигин уола Тимка улахан булчут).

Киэһэ аһаан баран утуйдубут. Сарсыарда уһуктубуппут – абаҕабыт Өлөкөй чэйин оргуппут, аһын тардыбыт. Биһиги үүтээн таһыгар остуолга олордохпутуна, оҕонньорбут аал уотун арыылаах алаадьынан айах тутта, онтон ньыкырыйан кэлэн остуолга олордо. Аһыы олорон түүлбүтүн ыйыппытыгар ким да саҥарбата. Онтон Өлөксөй түүлбэр өлгөмнүк бултуохпутун мэһэйдээтилэр диэтэ. Имири-хомуру аһаан баран, икки аҥыы хайдыһан, хаама бардыбыт.

Син балайда хаампыппытын кэннэ ыттар тайаҕы туруордулар. Сотору соҕус буолаат, саа тыаһа тас-тас гынна. Биһиги саа тыаһын диэки туос бөтөрөҥүнэн түһүнэн кэбистибит. Тиийбиппит, биир эдэр киһи кыра тайаҕы охторбут. Билистибит. Дьоммут таатталар эбит. Иккиэлэр, биир эдэр уонна сааһыра барбыт оҕонньор. Үөрэ-көтө астыы сырыттахпытына, ыттар үрдүлэр. Кыра убайым Куока уонна Таатта кырдьаҕаһа онно бардылар. Биһиги булпутун астаан баран, дьоммутугар тиийдибит. Ыттар үрэ сырыттахтарына, убайым урут кэлэн, тыһы тайаҕы охторбут. Булпутун астаан баран аһаатыбыт. Ол олорон кырдьаҕаспыт хайдах үллэстэрбитин туһунан тыл көтөхтө.

Саастаах киһибит Өндөрөй кырдьаҕаска бэйэтэ быһаарарыгар көрдөстө. Кырдьаҕас: «Эһиги ыттаргыт туруорбут тайахтарын сүүрдэн иһэн ытыалаан кыра тайаҕы биһиги охтордубут. Оттон эһиги ыттаргыт бууру эккирэтэн, тыһы тайаҕы үрсүбэтилэр. Биһиги ыттарбыт үрэ сырыттахтарына, эһиги киһигит охтордо. Онон хара тыа суруллубатах үгэһинэн маннык: эһиги ыттаргыт үрсүбэтилэр, онон биһиги эһиэхэ бэйэбит көрөн эт бэрсэбит, онтон үрсүбүттэрэ эбитэ буоллар, төбө тыыран, аҥаардаһыахпыт этэ», – диэтэ.

Биһиги, эдэр дьон, хомойон сүөм түстүбүт, урукку оҕо дьон сиэринэн, мөккүспэтибит. Мин «аҥаардаһарбыт буолуо» дии санаатым. Онтон оҕонньор сирэйбитин-харахпытын көрөн баран эттэ: «Аҕаҕыт Дьөгүөссэ бэрт ыллыктаах киһи этэ, уолаттара бары бултуулларын көрөн үөрдүм. Онон эдэр дьону санааларын көтөҕөн, тыһы тайах көхсүн аҥаарын уонна кыра тайах аҥаарын биэрэбит. Эдэр дьон этэҥҥэ сылдьан бултааҥ-алтааҥ», – диэн алҕаата.

Биһиги үөрэн-көтөн, булпутун суол кытыытыгар кистээн баран, үүтээммит диэки түһүннүбүт.

Сорохтор сарсыарда туран тайах этин тиэйиэхтээхтэр, онон Өндөрөй биһиги хаамар буоллубут. Өндөрөйдүүн өр хаамтыбыт, туох да суол-иис суох. Сотору Сылгы Салайар үрүйэтин уута кэлиэхтээҕин, онно чэйдиэхтээхпитин туһунан эттэ. Мин ол ууну кэтэһэбин, аччыктаатым.

Арай ол иһэн көрбүтүм: үрүйэ уҥуор, 300—350 хаамыылаах сиргэ, биир буур тайах утуктуу турар. Айылҕа мүччүрүйбэт сокуонунан, хаанын тэнитээри, тапталлааҕын көрдөөн түүнү быһа хааман баран, үлтү сылайан, үрүйэ кындаатыгар сынньана турар эбит. Кыратык үөмтүбүт, ыарҕа бүтэн, ыраас сиргэ кэлэн тохтоотубут. Ыарҕа мэһэйдээн, ыттар тайаҕы билбэттэр. Хата дьоммут туох буолан бөкчөһө-бөкчөһө үөмтүлэр диэбиттии дьиктиргии көрөллөр-истэллэр. Сааларбытын маска ууран ытыалаан тибиргэттибит. Уончата ыппыппытын кэннэ, кыылбыт сүүрдэ. Илин холун соһо сылдьар. Ону көрөн үөрдүм уонна тайах диэки буутум быстарынан ойдум. Дулҕаттан бүдүрүйэ-бүдүрүйэ, үрүйэни сүүрэн туораатым. Ыттар урут тиийэн ойуурга киллэрэн тохтоттулар. Кинилэри үөрэтээри, кыратык үрдэрэ түһэн баран охтордум.

Дьэ манна буолла өрөгөй, үөрүү кылаана. Баай Байанайбытын уот оттон арыылаах килиэбинэн күндүлээтибит. Тайахпытын астаан, быарын үтэн, холкутуйан аһаатыбыт.

Киэһэлик борук-сорукка Бассынаай үүтээнигэр тиийбиппит, дьоммут кутаа аттыгар аһаары сабдыгыраһа сылдьаллар. Бултаан сылайан истэххэ, бииргэ бултуур дьонуҥ кулуһуннарын уотун халлааҥҥа харбаһар кыымнара кэрэ көстүү буолан сүрэҕи өрүкүтэр, быары сылаанньытар. Бултаабыппытын көрөн дьоммут үөрэн харахтара чаҕылыста. Өл хаба түһээт, хайдах бултаабыппытын кэпсээтибит.

Онно кырдьаҕаспыт Өлөксөй: «Бэҕэһээ Таатта булчута алҕаан, бүгүн бултуйбуккут», – диэн үөртэ. Алгыс баһа сыалаах диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Аммаҕа

Хайахсыкка учууталлыы сылдьан, күһүҥҥү уһун өрөбүлгэ үлэбиттэн көҥүллэтэн, аар айылҕа маанылаан айбыт кэрэ кыыс Аммаҕа бултуу бардым. Дьэримиэй үөрэ-көтө көрүстэ.

Дьэримиэй диэн саар-тэгил уҥуохтаах, бэйэтин кыанар киһи, иһиттэр истэ олоруох элбэх кэпсээннээх, устар ууну сомоҕолуур, хомоҕой тыллаах эр бэрдэ. Уһун түүнү быһа атаһым кэпсээнин истэн Соморсуҥҥа хоннум. Сарсыарда тыҥ хатыыта туран икки атынан айаннаатыбыт.

Амма Эбэҕэ тиийбиппит – уҥуоргу кытыыта өссө даҕаны тоҥмокко сүүрүгүрдэ турара. Киһим сүүрдэн кэллэ да, сүүрүктээх ууну үрдүнэн ойутта, уҥуор тиийэн түһүүлэригэр ата халтарыйан ууга бар гынна. Хата эр бэрдэ, кыанар киһи буолан, атыттан арахсан муус үрдүгэр үҥкүрүйдэ. Уу чычаас буолан, муус анныгар барбатылар. Онтон мин аппын кэстэрэн туораттым.

Киһибэр: «Таҥаһыҥ сиигирдэ, онон төннүөххэ», – диибин.

Онуоха: «Булчут тоҥуохтаах-хатыахтаах, оччоҕо эрэ булду бултуугун. Түөрэх үчүгэй, бүгүн бултуохпут», – диэн хардарда.

Уҥуор биэрэккэ уот оттон таҥаспытын кыратык куурдубута буоллубут. Амма Эбэҕэ түһэр Хатыҥ Үрэҕи өрө тахсан бардыбыт. Саҥа киис суола ааспытын көрөн, ыппыт ол устун ойдо. Арай сотору хайа үрдүгэр үрэн баргыйда. Аттарбытын сиэтэн, хайаны өрө сүүрэн тахсыбыппыт: ыппыт саарба бэрийэр бэрдин улахан баай тииккэ таһаарбыт. Айылҕа мааныылаах кыыла барахсан мутуктан-мутукка ыстаҥалыы сылдьара. Көрүөхтэн кэрэ быһыы-таһаа, түү-өҥ, сытыы сирэй-харах. Баай Байанай биэрбитин бултаан баран, салгыы айаннаатыбыт.

Амма хайатын үрдүнэн хаамтардыбыт. Дьэримиэй киис суолун ирдээн, миигиттэн арахсан, туһунан барда. Салгына минньигэһэ, сибиэһэйэ, үүнээйитэ, ото-маһа кэрэтэ мин сүрэхпин сүүйдэ. Айылҕа абылаҥар ылларан, бултуу сылдьарбын да умнан бардым.

Арай көрбүтүм: аллараа хайа анныгар икки тайах турар. Аппыттан аргыый түһэн маска баайдым. Ыксаабакка холкутук кыҥаан иккитэ ыттым да, таһы-быһа сыыһан кэбистим. Кыылларым онуоха талах кэннигэр аргыыйдык киирэн хааллылар.

Мин тайахтарга чугаһаары, саабын ииттэ-ииттэ түргэн хаамыынан хайаттан түһэн истим. Тайахтар суохтар. Талахтан тахсалларын кэтиибин. Өйдөөн көрбүтүм, биир бөлкөй талах кэннигэр тураллар эбит. Маннык чугаһатыахтара диэбэтэх киһи, соһуйан, саабын эмискэ өрө көтөҕөрбүн кытта, тайахтар ыстанан кэбистилэр. Маҥнайгы ойууларыгар куобахтаан бачырҕаттылар, иһэхтэрэ ыраахха тиийэ бырдаҥалаан олордо. Уҥа диэки ыстаммыты ытан саайдым. Онуоха эргиллэ түстэ да, миэхэ утары сүүрдэ. Мин тамайа сиэлэн эрэр иккис тайаҕы ыттым.

Маҥнайгы, утары сүүрэн кэлэн чугас, сүүрбэччэ хаамыы сиргэ, хорус гынна. Долгуйан, ботуруоммун мүччү-хаччы уган, кыылбын кыҥааппын кытта тайах кэннигэр ыппыт сүүрэн кэллэ. Ыты дэҥнээтэххэ аана суох алдьархай, иитэ суох иэдээн буолар, онон ыппатым. Тайаҕым ыты көрөн эргилиннэ даҕаны, үрэҕи туораан, үрүйэни өрө батан бара турда. Тайах кэнниттэн Дьэримиэй ытын кытта сүүрэн бурҕатта.

Мин маҥнайгы ыппыт тайахпын суоллаабытым ырааппакка охтубут этэ. Тайах иһин хостоон баран, хайа үрдүгэр тахсан аппын ыллым. Битигирэтэн киһибэр тиийбитим, Дьэримиэй анараа тайаҕы охторон сытыарара. Атаһым уоскуйан тоҕо хойутаабыппын туоһуласта, онуоха тайах астыы сылдьыбыппын кэпсээбиппэр соһуйда да, үөрдэ да.

Кыылбытын астаан баран атаһым эттэ: «Бу сиһинэн Эбэҕэ быһа түһүөххэ». Сүүсчэкэ хардыыны барарбытын кытта билигин эрэ ааспыт киис суолун көрдүбүт. Өр буолбата, ыппыт үрэн тоҕо барда. Тиийбиппит – кииһи сытар тиит көҥдөйүгэр хаайбыт эбит. Сүгэнэн хайаҕас оҥорон кыылбытын ыллыбыт. Сотору хараҥаран барда, онон үрэххэ киирэн суол устун дьиэлээтибит.

Баай барыылаах Байанай наарын оҥорон оннук күндүлээн соһутан да, үөрдэн да турардаах. Аҕыйах да хонукка буоллар, кэрэ кыыс Амма Эбэ барахсан дуоһуйа сынньатан, астына бултатан турар. Кэлин Дьэримиэй дойдутугар, Хатарчыма үүтээнигэр бултаан турабын, ол туһунан туспа кэпсээн.

Түгэнэҕэ

Биһиги биир саас Горнай улууһун Түгэнэ үрэҕэр Кыайыы күнүттэн Ньукуолуҥҥа диэри кустаабыппыт. Баай Байанай мичик гынан, кус бөҕөнү өлгөмнүк бултаан, сарсыныгар айаннаары тото-хана аһаан баран, утуйаары сыттыбыт.

Ол сытан сылгыһыт Бииктэртэн: «Дьэ бу олорор дьиэҥ аартык айаҕа эбит, айан суолунан төһөлөөх киһи ааһара буолуой. Туох эмэ киһи өйүгэр хаалар түбэлтэ буолбута дуо?» – диэн ыйыппытым.

Бииктэр, улахан курбуу курдук уһун хара бараан сааһыран эрэр киһи, оронуттан туран оһоҕун иннигэр тиийэн талах олоппоско олорон эрэ табах ууруммута уонна оргууй тарда-тарда кэпсээнин ырааҕынан эҥсэн саҕалаабыта…

«Түгэнэ Эбэ – мин биһикпин ыйаабыт төрүт сирим. Бу Эбэҕэ саас кус саҥата киһини утуппат буолара. Мин саас кус кэлиитэ, ити эһиги сыппыт көлүччэҕитигэр, ууну атах сыгынньах кэһэ сылдьан куска тиргэлиирим, күөнэххэ туу угарым. Дьэ, кырдьык, бу суолунан араас дьон ааһар.

Биирдэ үгэспинэн сылгыбын көрө сырыттым. Мантан тэйиччи соҕус күөл үрдүгэр быраҕыллыбыт үүтээн баар. Ол үүтээн таһыгар чэйдээри тохтоотум. Арай Доҕор диэн ытым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы үүтээҥҥэ ойон тиийдэ. Эргэ, быраҕыллыбыт үүтээн аана суох этэ. Ытым боруокка туран үрэн тоҕо барда. Мин туох ааттааҕы үрдэ диэн соһуйдум. Дьиксинэн саабын бэлэм туттум уонна дьаархана-дьаархана аргыый үүтээни өҥөйдүм. Арай, доҕоор, көрө түспүтүм: кугас баттаҕа арбайан, сирэйин саба түспүт дьахтар умса туттан наара орон сыҥаһатыттан тайанан олорор эбит. Төбөм оройуттан атаҕым тилэҕэр диэри тымныы сүүрээн дьырылаата. Куйахам үмүрүтэ тутта, этэллэригэр дылы, баттаҕым турда. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ таалан, мах бэрдэрэн турдум. Маҥнай абааһы дии санаатым. Күнүстэри хайдах илэ бардаҕай диэн дьиктиргээтим. Ити санааттан тыҥаабыт ньиэрбэм уоскуйан, туос амабар түстүм. Соһуйбутум-өмүрбүтүм ааһан, өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм: нуучча дьахтара эрэйдээх умса туттан олорор эбит. Уҥуох-тирии буолуор диэри ырбыт, баттаҕа сирэйин саба түспүт, ыт да үрэригэр кыһаммат турукка киирбит. Дьэ онтон, Саха сирин күөллэрин үөрэтэр учуонай дьахтар муммут диэбиттэрин өйдөөтүм. Онон, дьахтарым сибиэн буолбатаҕын сэрэйэн, уоскуйдум. Куттанан, саллан, дьахтарбын сэрэнэн таарыйдым. Маҥнай миигин буспатах балык миинин курдук мээнэнэн көрдө, онтон саҥа уһуктубут киһилии тобулу одуулаата. Ол кэннэ эмискэ өйдөнөн сарылыы түһээт, миигин кууста уонна кыра оҕолуу ытаан тоҕо барда. Хам кууһан олорон, ытыырын быыһыгар үрүт-үрдүгэр эттэ: «Муммутум ый аҥаара буолла, бүгүн бэйэбэр санана олорбутум, эйигин миэхэ таҥара ыыппыт». Дьахтарым ытаан уоскуйбутун кэннэ аппар олордон, бэйэм сиэтэн, төлөпүөн быыскатыгар кэлэн, Бэрдьигэстээххэ эрийдибит.

Чаас аҥаара буолбата, кинини көрдүү сылдьар дьон бөртөлүөтүнэн кэлэн ылан барбыттара. Дьахтарым махтанан бөҕө, төлөпүөнүн нүөмэрин биэрбитэ даҕаны, үрэх баһыгар олорон, хантан эрийиэхпиний. Дьэ итинник, биирдэ муммут киһини быыһаан турардаахпын.

Иккис түбэлтэ. Биирдэ күһүн, Бокуруоп саҕана, маҥнайгы хаар түһүүтэ, үгэспинэн эмиэ сылгы көрдүү сырыттым. Түгэнэ үрэх халдьаайытынан хаамтаран иһэн ытым үрбүтүгэр көрбүтүм: улахан уҥуохтаах, сирэйэ бар түү буолбут нуучча оҕонньоро дүлүҥ үрдүгэр акыллан олорор эбит. Оҕонньор кэпсииринэн, Дьокуускайтан Маҕаныга суол оҥоһуутугар үлэлиир кыыстаах күтүөтүгэр баран иһэн муммут. Мин эмиэ аппар олордон суолга киллэрдим. Ол саҕана урут манан үчүгэй кутуу суол суоҕа, күһүн-саас хаайтарыы бөҕө буолара. Дьиэбэр хонноро ыҥыра сатаабыппын, кэмчиэрийэн сөбүлэспэтэ. Сөбүлэспэт киһини хайдах дьиэбэр күүспүнэн соһуохпунуй, онон кыра үтэлээхпин биэрдим, суолун ыйдым. Киһим доҕолоҥнуу-доҕолоҥнуу суол устун бара турда. Хас да хонон баран киһи сүттэ диэн айдаан бөҕө буолбута. Милииссийэлэр хаста даҕаны төхтүрүйэн кэлэн миигиттэн ыйыппыттара. Дьэ итинник айманан кыһыммыт ааспыта.

Биирдэ, саас хаардаахха, улахан массыыналаах эдэр нуучча уола кэллэ. Эдэр суоппар оҕонньор күтүөтэ эбит. Миигиттэн оҕонньор туһунан ыйытта, мин барытын ыраас мууска тиэрэ ууран сиһилии кэпсээтим. Оҕонньор күтүөтэ түүл түһээбитин кэпсээтэ: «Түһээтэхпинэ массыынабынан айаннаан иһэбин. Арай суол кытыытыттан хаар анныттан оҕонньор туран кэллэ уонна манна баарбын диэтэ. Мин ол сири көрдүү сылдьабын».

Оҕонньор «хаар анныттан турбут» сиригэр эргэ пилорама баара. Бу эргин сири билэр бөҕө буоллаҕым. Уолу илдьэн ол сири көрдөрдүм. Киһим олус үөрдэ, оруобуна бу сири түһээн көрбүтүм диэтэ. Ол сир суолтан туора соҕус этэ. Кини илэ көрбөтөх сирин хайдах түһээбитэ буолла, дьэ дьикти. Оҕонньор күтүөтэ кэлин, хаар уулуннаҕына, көрдүөх буолан барбыта».

Бииктэр икки муммут дьон туһунан кэпсээнин итинник түмүктээбитэ. Наһаа уутугар-хаарыгар киирэн кэпсээн, дууһабыт кылын таарыйан, ороммутугар эргийэ-урбайа утуйбакка сыттыбыт. Миигин ордук иккис кэпсээнэ долгутта.

Сарсыарда эрдэ Бииктэр сылгытын аһата барда. Биһиги чэй оргуйарын кэтэһэ сыттыбыт. Өйбүттэн бэҕэһээ Бииктэр кэпсээбит атаҕа суох оҕонньоро тахсан биэрбэт. Дьонум эмиэ ол оҕонньору саныы сыталлар быһыылаах. Саныы сыппыт санаам ситимин быһан, эмискэ ааны тоҥсуйан тобугураттылар. Биһиги бары оҕонньору санаан сирдиргии түстүбүт. Мин дьээбэлэнэн: «Эдик, ааны ас эрэ, били доҕолоҥ оҕонньор кэллэ», – диэтим. Испэр Бииктэр дьээбэлэнэр дии саныыбын. Эдик ааны аһа баттаата уонна соһуйан өрө хаһыытыы түстэ. Көрбүппүт – бэҕэһээ Бииктэр ойуулаабыт оҕонньоро кэлэн турар: сирэйэ бар түү, аҥаар атаҕа доҕолоҥнуур. Бэҕэһээҥҥи кэпсээн уххана ааһа илик буолан, биһиги бары тэҥинэн хаһыытаспытынан оронтон ойон турдубут. Нууччабыт биһигиннээҕэр ордук куттанна, туох буолан киһини көрөөт хаһыытастылар диэтэҕэ. Онтон уоскуйан билбиппит, Өлүөнэ өрүс баһыттан устар аалынан кэлэн баран, Мииринэйгэ ааһан иһэр киһи эбит. Ыалдьыппытын тото аһатан, өйүөлээн, суолун ыйан атаардыбыт.

Бачча хаайтарыы кэмигэр хантан кэлэн, ханна барар киһи буолуой? Дьикти киһи кэлэн ааспыта. Айан суолун аарыгырар аартыктарынан хас дьон ааһарын тойон таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.

Дьэ итинник, Түгэнэ Эбэҕэ өлгөмнүк бултаан Бииктэр сэргэх кэпсээннэрин истэн турабыт. Кини кэпсээнин өр кэм сөҥөрдөн илдьэ сылдьан баран суруйарга холоннум.

Көҕөннөр

Сандал саас уһуннук күүттэрэн тиийэн кэллэ. Саха дьоно булт маҕаһыыныгар ууттан тахсар илим хотоҕоһунуу субурустулар. Саатар, күөх экраҥҥа Сайа «Кэпсиэ» биэриитигэр сааскы булт туһунан кэпсээн, дьону эбии күөртээтэ. Хаһаайкалар харчыларын төһө даҕаны харыһыйдаллар, эр дьон ботуруон, таҥас-сап, ас-үөл бөҕө ыллылар.

Мин биир үтүө күн «Бэргэн» маҕаһыынтан, атаспыттан Сэргэйтэн, ботуруон атыылаһан Горнайга бултуу барарга бэлэмнэнним.

Арай түүл түһээн түҥкүлүйдүм: бултуу сылдьабын, ньалыар уулаах хотоолго турабын. Ол турдахпына доҕоор, эмискэ күүстээх кынат тыаһа өрө куһугураата. Халлаан диэки хантайан көрбүтүм: алта-сэттэ көҕөн үрдүк мэҥэ халлаантан кынаттарын араастаан хамсата-хамсата, миигин көрбүтүнэн түһэн иһэллэр эбит. Кынаттарын тыаһа сүрдээх, халлаан хайдар алдьархайа. Мин хамсаабакка сотом ортотунан ууга турабын, көрбөттөр дии саныыбын. Ыкса кэннибэр ууга түһэр тыастара өрө барылаата. Мин саабын да устар кыаҕым суох, көтөн хаалыахтара диэн куттанабын. Саабын сүкпүтүнэн кэннибинэн ыстанаат, кустар үрдүлэригэр саба түстүм. Онуоха күүстээх кынаттарынан көхсүбүн лаһыйдылар. Кустарым үрдүлэригэр сытан эрэ икки көҕөн моонньутун булгу эрийдим. Онтон үөрэн аҕай уһугуннум.

Сарсыарда кэргэмминээн чэйдии олорон, саха дьонун үгэһинэн түүлбүн кэпсээтим, онуоха кэргэним: «Үчүгэй түүл эбит. Бүгүн Уулаах диэки тахса сырыт», – диэтэ.

Мин саабын ыллым, хомуннум даҕаны автовокзалга ыстаннаран тиийдим. Покровскай такситыгар олорсон, Уулаах Аан таһыгар тиийэн түстүм. Үрүҥ Бастан кэлэр үрэҕи батыһан мырааны өрө бардым. Үрэх сүүрдүбүт эрээри, биир да куһу харахтаабатым.

Киэһэ хойут үлтү сылайан, мааҕын сылдьыбыт уум халдьаайытыгар сынньана олордум. Бултаан бүтэн, саабын ыһан хаатыгар уктум. Ол олорон хайаан да бултуохтаах этим диэн саныыбын. Бараары туран көрбүтүм, оттоох ньалыар ууга алта көҕөн устан киирбит. Ону көрөн хаптайдым, сүрэҕим битиргэччи тэптэ, тириттим аҕай, мэктиэтигэр тобугум салҕалаата. Хамсалаах табах быстыҥа олорон уоскуйдум. Саабын хаатыттан ороон хос хомуйдум, икки ботуруону уктум. Аргыый сэрэнэн өҥөйөн көрбүтүм, икки атыыр көҕөн хос олорор, көтөөрү хонойуохтарынан хонойбуттар. Мин үгүһү-элбэҕи толкуйдуу барбакка ытан саайдым, онтон көтөн тахсыыларыгар ойон туран ыттым. Күөрэтэн сыыһан кэбистим. Ууга сүүрэн киирбитим – икки көҕөн төбөлөрүн ууга уган, кынаттарынан лаһыйа сыталлар. Дьэ манна үөрүү бөҕөнү үөрдүм, Баай Байанайбар махтал тылларым эттим. Кустарбын сүгэһэрбэр уктан, суолтан массыына тутан дьиэлээтим.

Саха үгэһинэн, Ньукуолуҥҥа сиир кустанным, салгыы Горнайга бултуу барбытым. Кус булда диэн айылҕаҕа сылдьан дуоһуйуу, сынньаныы буоллаҕа. Куорат булчуттарыгар сыл тахсар ас буолбатах.

Дьааҥыга

Хас да сыл оҥостон, бэлэмнэнэн, уоппуска ылан, эт-ас тоҥор буолбутун кэннэ сэтинньи ыйга, аалым баһа хоҥнон, Дьааҥыга куобахха туһахтыы барар буоллум.

Баатаҕай пуордугар убай курдук саныыр Бүөтүрүм көрүстэ. Үөһээ Дьааҥы куоратыгар хонон туран, халлаан айа кылыыта көстөр буола суһуктуйа сырдыыта, сарсыарда эрдэ Тэккэни Эбэ үүтээнигэр массыынанан айаннаабыппыт. Халлаан сырдаан, утары сандааран тахсан аламай күн кытары кыыһан эрдэҕинэ, халлааҥҥа харбаспыт Дьааҥы хайаларын үрдүнэн айаннаан истэххэ, аан айылҕа кэрэмэн көстүүтэ арылыйар. Чоҥкуйа кырыаран турар мастар үрүҥ көмүс мөһүүрэ симэҕи кэтэн тупсан көстөллөр. Хаарынан бүрүллүбүт хатыҥнар, байбаралаах мааны ырбаахылаах хотуттар курдук, лаглаһан тураллар.

Харах ыларын тухары тула хайалар, дөрүн-дөрүн тайах уһун дьороҕор атаҕынан атаралаан ааспыт суола көстөр. Хаар анныттан хара улар көтөн лаһыйан тахсар, киис обургу мас көтөрүгэр үөмэн сыбдыйбыт суола дыргыйар. Кини обургу утуйа сытар куртуйахтары, бочугурастары биллэрбэккэ эрэ түүлэрин бурҕатан эрдэҕэ. Албын саһыл куобахха иҥээҥнээн, чөм-чөм үктээн ааспыт суола көстөр. Кырынаас кутуйах көрдөөн биир тэҥник лэкэчэктээн ойбут. Хаххан, хаппыт маска олорон, аарыма төбөтүн эмискэ сүр түргэнник эргитэн, үүн тиэрбэһин саҕа эрилкэй хараҕынан тулатын көрүнэр. Улуу Суорун уола хара суор биһигини уруйдаан, батыһа көтөн халаахтыыр. Мин бултуйдахпына уос-тиис үллэстэр буоллаҕа.

Тулам кырса түүтүн курдук кылбархай хаар. Киһи тылынан ойуулаабат кэрэ көстүүтэ. Ама, бу кэрэ көстүүнү көрө олорон хайа да дьиппиэн бэйэлээх манньыйан, нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөхсүө, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай? Төһө да кыһыҥҥы кылгас күн киириэр диэри айаннаатарбыт, бииртэн биир кэрэ көстүүнү уонна кыраһа суругун көрөн күн биллибэккэ ааста.

Борук-сорукка Тэккэни Эбэ үүтээнигэр тиийэн кэллибит. Үүтээн саха балаҕаныныы тутуллубут, таһынан буору хаайан сабараанньалаабыттар уонна өһүөтүгэр дылы буор куппуттар. Буор чиҥээн миэтэрэ аҥаара түспүт, маһын быыһынан үрдүк мэҥэ халлааҥҥа сулустар балаҕаны эргиччи бачыгыраһан, кылапачыһан көстөллөр. Хараҥаҕа харбыалаһан уоппутун отуннубут, хата, булт үгэһин тутуһар дьон сылдьыбыт буолан, аҕыйахта оттор маһы хаалларбыттар.

Тоҥ турар үүтээни отуннубут, оһохпут үөрэн-көтөн умайан сирилээтэ. Үрэххэ киирэн ойбон алларан, уу баһан, ас астанныбыт. Эбии, тэйиччи сиртэн хаппыт маһы кэрдэн, түүн отторбутугар мас бэлэмнээтибит. Хойукка диэри түбүгүрдүбүт. Үүтээммит киһи тыына бурҕаҥнаабат эрэ буола сылыйыыта Баай барыылаах Байанайтан, сир-дойду иччилэриттэн көрдөһөн, Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэргэммэр астатан аҕалбыт арыылаах алаадьыбынан аал уоппун айах тутан күндүлээтим. Ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаатыбыт. Тото-хана аһаан баран, утуйар таҥаспын бэрийдим. Баата матараас үрдүнэн таба тэллэх тэлгээтим, ол үрдүнэн үүтээҥҥэ баар олохтоох нэк буолбут куобах суорҕаны уурдум уонна эмиэ нэк буолбут куобах суорҕанынан, онтон кус түүтэ суорҕанынан сабынным.

Үүтээммит истиэнэтин быыһынан ыраах кылахачыһар сулустары көрөн, тыыммыт бурҕаҥныы-бурҕаҥныы, кэпсэтэ сыттыбыт.

«Бэрт дии, дьиҥнээх булт диэн маннык буолар: хайа эмтээх сибиэһэй салгына, кылыгыраан сүүрэ сытар таас Дьааҥы үрэҕин дьэҥкир уута, сибиэһэй булт этэ. Өссө мантан ордук булчукка туох наада. Хата, доруобуйаҕын көннөрөн, эмтэнэн бар», – диир Бүөтүр…

Мин маннык хардарабын: «Ээ, эмп-томп бөҕөнү аҕалбытым, бүтүн биир мөһөөччүк».

Киһим тута өйдөөбөтөхпөр сүөргүлээн: «Ити аата айылҕа эмин этэбин. Онтум ыалдьар, мантым ыалдьар диэн үҥсэргиигин, мин луохтуур буолбатахпын. Эн бэйэҕин харыстаммакка, ыалдьабын диэбэккэ, тоҥуу хаары кэһэн үлтү сылайар гына хаамп, айылҕа бэйэтэ көрөн эмтиэҕэ, эн сибиэһэй салгыҥҥа хаамп эрэ», – диэн хомуруйа соҕус сүбэлээн эттэ.

Кэпсэтэ сытан этим атыйан, дьагдьайан бардым. Туран чараас бэргэһэ кэттим уонна уота сөҕүрүйбүт оһохпор мас эбэн баран: «Үүтээммит кыра салгыннаах, сөрүүн соҕус дуу», – диэн сэрэнэн эттим.

Киһим сөбүлээбэтэх куолаһынан сөҥүдүйдэ: «Кыһыҥҥы булка кэлэн баран мантан сылаас тыа дьиэтигэр хонуом дии санаабытыҥ дуо? Үөл мутук тосту тоҥор тымныытыгар манна хапкаан көрө сатыы кэлэр, кырдьык, саллыылаах. Аара тоһуурдаргын көрөн, хараҥаҕа харбыалаһан, туос сатыы бырдыҥ быстан күлгэдийэн кэлэҕин, илии иминэн мас мастыыгын. Ол сылдьан сүгэҥ уга тосту ыстанан ыксатар. Дьэ, быһатын эттэххэ, дьиҥнээх эр киһи булда бу буолар. Маннык булка уол оҕо уйана-хатана биллэр, уһаарыллар-хатарыллар», – диэн саҥарбыппын кэмсиннэрдэ.

Саха былыргы булчуттара түүлээх соноругар төһөлөөх тоҥмуттара-хаппыттара, эрэйи эҥээрдэринэн тэлбиттэрэ буолуой диэн бэйэм эппинэн-хааммынан билэн олус сөхтүм. Төһө ичигэс таҥастаах буолуохтарай, уонунан көскө салаасканан сатыы бултуу тахсар дьон. Былыргы улуу булчуттары ытыктаан, кинилэртэн саллан, саҥата суох сөҥөн сыттым.

Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх буолан бу дойдуга олохсуйан олордохторо. Булт тэрилин айан, ону туһанан, бултаан-алтаан тыыннаах ортохторо. Холобур, айаны оҥоруу, тыатааҕы сохсотун охсуу, хандааны туруоруу төһөлөөх мындыр өйтөн тахсара буолуой. Саха былыргы булчуттара аар айылҕаҕа уһаарыллан-хатарыллан, куоһанан, сындалыйбат сындааһыннаах буолаллар. Кинилэр удьуордара – тустууктарбыт аан дойду улахан көбүөрдэриттэн кыайыы көтөллөнөн сири-сиксигинэн эргийэн кэлэллэр.

Арай сарсыарда уһуктубутум: оһох тигинэччи оттуллубут, харбыыл истиэнэ быыһынан сулустар көстүбэттэр, халлаан суһуктуйан эрэр. Куоракка курдук буолбатах. Наһаа чэбдигирэн уһугуннум. Үөрэ-көтө ойон туран, курданарбар дылы сыгынньахтанан, хаарынан сууннум-тараанным.

Ити күн өрөөн, маспытын бэлэмнээтибит. Эргэ үүтээн буолан, хаппыт мас биэрэстэ ыраах үрэх куулатыгар ордубут. Ону булан охторон, сороҕун таһан, быһа холоон биир ыйга тиийэр гына, бысталаан кэбистибит. Үлэни бүтэрэн киэһэ аһыы олордубут. Мин балаҕан баҕанатыгар өйөнөн, наара ороҥҥо олорон, куруускаттан итии чэйи сыпсырыйан иһэбин. Бүөтүр миэхэ көхсүнэн олорон остуолга аһыыр.

Ол олордохпуна, эмискэ, төһө да аан аһыллыбатар, «киирдилэр» диэн сэрэйэ санаатым. Сүрэҕим эмискэ күүскэ тэптэ, кулгааҕым чуҥкунаата, мэйиим эргийдэ. Кыайан хамсаабат турукка киирдим. Бүөтүр тугу эрэ кэпсиир, ону өйдөөн истэр кыаҕым суох, саҥата ханна эрэ ыраах иһиллэр. Кыахпын былдьатан, далбааран, хамсалаах табах быстыҥа даҥ курдук олорбутум кэннэ «таҕыстылар» дии санаатым. Дьэ онтон уоскуйан туос амабар түстүм. Киэһэ үүтүн тохпут оҕолуу уку-сакы сырыттым. Оннооҕор доҕордоох киһи кыаҕын ылар буоллахтарына, бүтүн биир ыйы быһа билбэт сирбэр хайдах соҕотоҕун олоробун диэн санаа төбөбөр эриллэн киирдэ.

Киэһэ хойут, утуйаары сытан, сүөм түспүппүн көрөн киһим сүбэлээтэ: «Үүтээҥҥэ соҕотоҕун хоноргуттан дьаарханар буоллаххына, күнү быһа үлтү сылайыах-хар диэри тыаҕа хаамп, киэһэ хойут кэлэн үлэҕин-хамнаскын бүтэрэн баран, тугу да санаабакка утуйан хаал. Бу дойдуга тугу эмэ сыыһа-халты туттан холдьоҕулуннаххына, түүн туран куотума, тоҥон өлүөҥ, халлаан сырдыыта айаннаар. Киһи эрэ буолларгын сэрэнэн сырыт, илиигин-атаххын дэҥнээтэххинэ ким да өрүһүйбэт, мин биир ыйынан кэлиэхпэр диэри суолуҥ сойуо, буларым да саарбах. Бу дойду сөбүлээбэтэҕинэ тута биллэрэр».

Сарсыныгар Бүөтүр дьиэлээтэ. Биир ый соҕотоҕун аар тайҕа баһыгар хайалар быыстарыгар хааларбыттан санаарҕаан, санаа эргимтэтэ оҥосто сытан, утуйан хаалбыппын. Ороһуйа5 сытан түүл түһээн түҥкүлүйдүм. Үүтээҥҥэ баар курдукпун. Бүөтүр утары истиэнэҕэ баар оронугар сытарын курдук сытар. Дэлби хабаҕарбыппын, дьиэ таһыгар таҕыстым. Арай көрбүтүм: үүтээним дойдубар, ыалларым Өндөрөйдөөх далларын кэннигэр, баар эбит. Мин наһаа үөрдүм. Дьэ хата дойдубар бултуу сылдьар эбиппин дии санаатым. Ол быыһыгар дойдубар куобах суох, чэ, туох буолуой дии саныыбын.

Ол сытан киһим турбутугар уһугуннум. Тута түүлбүн кэпсээтим. Бүөтүр балайда саҥарбакка дьоһумсуйан сытан баран түүлбүн тойонноон эттэ: «Дьэ, Дьөгүөр, бу дойду эйигин кырыы хараҕынан кынчарыйбатах, атыҥыраабатах, дойдугар сылдьар курдук санан диэбит».

Тото-хана аһаан баран, дьиэ таһыгар тахсан киһибин, аҕатын сайыспыт оҕолуу, икки хайа икки ардыгар саппаҕыран туран атаардым. Бүөтүр куула тыаҕа киирэн көхсө аҕыйахтык көстөн хаалла. Мин түүлбүн саныы-саныы, онтон дуоһуйан үөрэ-көтө, сардаҥалаах сарсыарданы уруйдуу, аламай күн утары туһахтарбын иитэ, сарсыардааҥҥы дьыбары бурҕаҥнатан, алыы диэки хаама турдум.

Киэһэ хараҥарбытын кэннэ туһахтарбын иитэн үлтү сылайан кэлэн, тоҥ турар үүтээн оһоҕун отуннум, куобахпын астаан буһара уурдум, ыйдаҥа сырдыгар оттор маспын аҕала бардым. Ыйдаҥа тунаархай сырдыгар киһи ахтатыттан ыйанар үрдүк дулҕаҕа мэһэйдэтэ-мэһэйдэтэ үстэ кырынным, кэлэ-бара алта биэрэстэни адырҕайдаах6 сиринэн хаамтым. Онтон сарсыҥҥыбар бэлэмнээн, үрэхтэн уу бастым. Тото-хана аһаан оһохпун ыбылы оттон, туох баар кыра да тыаһы-ууһу иһиллии-иһиллии, сиэгиргээн сулустары көрө сыттым.

Аар айылҕа наһаа да кэрэ, улуу да буолар эбит. Адаардаах арҕастаах таас Дьааҥы хайалара хас мөлүйүөн сыл турбуттара буолуой? Икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх төһө да үөрэхтэнэн бэрдимсийбитин, төрөөбүт ийэ айылҕаны аанньа ахтыбакка дьаабыламмытын иһин, бу орто туруу бараан дойдуга кэлэн ааһар ыалдьыт, хонон ааһар хоноһо буоллахпыт. Икки атахтаахтар күн тура-тура таптаабыппытынан айбардаан, ааргытык дьаһанан, бэйэбит олорор мутукпутун кэрдэр сыаллаахпыт-соруктаахпыт.

Иччитэх улуу хайалар быыстарыгар тоҥо сытан анаардахпына, икки атахтаах киһи диэн бу улуу аар айылҕаҕа хаар биир кыырпаҕа эбит. Аламай күн күүскэ тыктын, хахсаат тыал түстүн – сүтэн-симэлийэн хаалаҕын.

Улуу Дьааҥы атыҥырыы көрбөтө. Сиэри-туому тутуһар киһини араҥаччылыыр, бүөбэйдиир эбит. Сорох күн сыыстаран, чараастык таҥнан бардахха халлаан лүҥкүрэн былыты аҕалан хаар түһэрэр, бытарҕан тымныы имийэн, тоҥмуппун аһарар. Үөһэттэн ким эрэ көрө-харайа, харыстыы сылдьарын этим-сииним сэрэйэр. Сымыйа дьэргэлгэни эккирэтэн, доруобуйабын алларыппыт киһини Дьааҥы хайалара эмтээбиттэрэ, ону ааһан суруйар кыдьыкка сыһыарбыттара. Дьааҥыга барыахпар диэри сурук да суруйбат киһи, сурук үлэтинэн куудьуйан7 тиигинээн турдум. Баҕар, сиэри-туому, булт үгэһин, айылҕаны харыстыыр туһунан хайа иччитэ соруйан суруйтараары дьээбэлээбитэ буолуо. Биэс уон сааспар диэри тустар эрэ кыдьыктаах киһини тосту уларыппыта.

Ыалдьан нэһииччэ саллаҥнаан кэлбит киһи, сүүрбэччэ куобаҕы сүгэн, сүүрэ сылдьар буолбутум.

Хайа иччитэ киирэ сылдьыбыт киэһэтигэр, ким-туох киһи кэлбитин көрөн таҕыстаҕа. Онно сөбүлээн атарахсыппакка бэйэ киһитэ, сиэри-туому, булт үгэһин тутуһар, өһүк эбит диэн көрөн-харайан, өйөөн-убаан этэҥҥэ сырытыннаран өлгөмнүк бултатта. Үүтээҥҥэ соҕотоҕун туох эмэ буоллахха ытаа да ыллаа, арбаҕастаах да абырыа суоҕа. Аар тайҕа баһыгар ким кэлэн быыһыай?

Дьэ итинник, айылҕаҕа эмтэнэн Баай Байанай өлгөмнүк бэрсэн, эбиитин суруйар үлэҕэ сыстан, тоҥон-хатан, хатарыллан, этэҥҥэ сылдьан турабын. Эһиилигэр эмиэ амтаһыйан, Дьааҥы Эбэ хотуҥҥа бултаабытым, ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Билигини сымыйа дьэргэлгэни эккирэтэрбин тохтотон, доруобуйабын тупсараары, чэбдигирдээри күн аайы тоҥуу хаары тиритэ-хорута кэһэбин.

Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр

Биир үтүө саас Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр куска бултуу сытабыт. Эбэ быйыл ырбыыламмакка ортотунан сайан, кус күөл ортотугар түһэр. Киэһэ, сарсыарда кус көтөр кэмигэр кыралаан ытабыт. Сандал саас кэлэн, айылҕа уһуктан, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх курдук. Ханна эрэ от быыһыгар күөх төбөлөөх атыыр көҕөн тыһытыгар бэрдимсийэн кэһиэҕирбит суон куолаһынан маатырҕыыр, чыркымай үөһэнэн эрийэ-буруйа көтөн иһэн чурустуур, сиэдэрэй өҥнөөх мороду бокуойа суох, кимтэн эрэ өрүһүспүттүү, мин аҕайбын диэн уруттуур. Эбэни эргийэ көтөн, моонньоҕоннор дөрүн-дөрүн саҥарсаллар, сотору-сотору хаастар айманан ааһаллар, хара тыаҕа куртуйах үөрүн мунньан охсон кулдьугуруур, ханна эрэ хабдьы бэбээрэр.

Ити барыта, түүнү быһа төһө да тары сиэбит ыт курдук тоҥон бабыгырыы олордоххо, кэрэ иэйии буолан сүрэххэ-быарга сылаанньыйа киирэр. Сааскы айылҕа кэрэ дьүһүйүүтүн истэ олордоххо түүн биллибэккэ ааһар, онно эбии сотору-сотору чыркымайдар обургулар сирэйгин быһа охсо сыһан ааһаллар, ону сыыһа-халты ытан хаалаҕын. Итинник түүнүн кус тоһуйабыт, күнүһүн сири-уоту көрө таарыйа уу кэрийэбит. Баай Байанай кыралаан бэрсэр.

Сороҕор ыалларбыт билсэ кэлээччилэр. Биирдэ, эбиэт саҕана, ыалбыт Куочукка кэллэ. Үгэс быһыытынан чэйдии-чэйдии булт-алт туһунан кэпсэттибит. Ол олорон манныгы сэһэргээтэ:

«Биһиги урут, сопхуос саҕана, күһүн Баппаҕаайы уонна Күҥкүс үрэхтэр холбоһор сирдэригэр Самахха оттообуппут. Ол оттуу сылдьан, харабыт бүтэн, миигин матасыыкылынан бултата ыыттылар. Тыа саҕатыгар тохтоон тэйиччи баар элгээҥҥэ, баҕар туох эмэ суол-иис баара буолуо диэн, көрө бардым. Тоҥ күөс быстыҥа хаампытым кэннэ, арай иннибэр икки таба иһэр. Мин суон бэс кэннигэр саһан хааллым. Кыылларым аа-дьуо чугаһаан баран, сыппын ылан таныыларын тардырҕата-тардырҕата, тула көрөн, сиэгиргээн, олооруҥнаатылар.

Икки уостаах доруоп саабын аргыый ылан, биир улаханын саам сыалыгар киллэрэн баран, чыыбыспын сыыйа тартым. Онуоха саам уот биэрбэккэ чап гына түстэ. Кыылларым сэргэхтэрэ сүрдээх, ойон хааллылар. Иккис уоспунан ыттым да хантан табыахпыный, суох буоллаҕа. Ол туран «бу биир уостаах саанан ханна баран тугу бултаары, адьырҕа суола элбэх, аны киһини былдьыаҕа» дии санаатым, онон өтөхпүн быстым. Борук-сорук буолуута тимир көлөбөр кэллим.

Ыллык устун баран иһэн көрбүтүм: матасыыкылым аттыгар, ыллык кытыытыгар, сыгынах көстөр. «Эс, манна мааҕын күнүс сыгынах суоҕа» дии санаатым. Онтон өйдөөн көрөөт, тыыным кылгаан, тиритэн-хорутан бардым. Хара тыа муҥур тойоно – тыатааҕы, төбөтүн ньылатан, бэйэтэ накыйан, миэхэ саба түһэргэ бэлэм сытар эбит. Санаабар аралдьыйан, көрбөккө, ыкса чугаһаан хаалбыппын. Түөрт сүнньүөх хаалбытын сиэппиттэн хостоон ылан тарбахтарым быыһыгар – ыыраахтарбар кыбыттым. Бэйэм да өйдөөбөккө, биир харыстаах саха быһаҕын тииспэр ытырдым. Эмиэ тоҕо ытырбытым буолла, быһаҕым кыыныгар даҕаны сылдьыан сөбө. Ыксаан, өйүм бааллан, ханнык эрэ быһылааннаах киинэни көрбүппүн үтүгүннэҕим буолуо. Мин диэки кыараҕас сытыы уоттаах хараҕынан кырыктаахтык көрө-көрө аһыыларын килэтэн, суос бэринэн, көхсүн түгэҕэр кигинэйэн ырдьыгынаата. Ол туран адьырҕа миигин ыҥырар дуу, үүрэр дуу курдук, илин атаҕынан салгыны тарыйда. Аар тайҕа улуу дьаалытын кытта киирсэр санаам суох. Эргийэн тумнан бараары санаммыппар кыылым туран кэллэ, часкыйа түһэн баран, аарыма бэһи маҕан субата кылбайыар диэри ньылбы оҕуста.

Миигин кытта күөн былдьаһаары, ааппын ааттаан оҥостон кэлэн, матасыыкылым аттыгар тоһуйа сыппытын, дьэ онно биирдэ өйдөөтүм. Бэйэ бодобун тардынан, эр хааммын ылынан киирсэргэ бэлэм турдум, кыылым суос бэринэн часкыйа түһээт, утары ыстанна. Уолугун үүтүн көрөөт, саабын төлө тардан кэбистим. Кур ботуруон түбэстэ быһыылаах, сүнньүөҕүм тыатааҕы атаҕын анныгар бурҕас гынна, адьырҕа соһуйан куһаҕан аҕайдык саҥа аллайаат, хааһаҕы бырахпыттыы тиэрэ хойуостан, төттөрү сүүрдэ. Онтон өй ылан, уолуйбута ааһан, эргиллэ түстэ да, уун-утары ыстанна. Сарсыҥҥы аламай күнү иккиттэн биирбит көрбөт дьылҕаланна. Булчут өбүгэм хаана тардан, муус холкубар түстүм. Аҥаар атахпар тобуктаан олорон бу утары ойон иһэр хара тыа адьырҕатын көмөгөйүн кыҥаан баран чыыбыспын сыыйа тартым. Саам өс киирбэх, хата эһиннэ. Сүнньүөҕүм тиийэн пүл гына түспүтүн иһиттим, кыылым ньахчас гынна. Тэйиччи ойон тиийэн, кыаҕын былдьатан, ыраас сиргэ сытынан кэбистэ. Ол сытан улам уостан, ньалбыйдар ньалбыйан, хаптайан хаалла, сири кытта сир буолла. Арай төбөтө эрэ биллэр биллибэттик көстөр. Ону көрөн тыатааҕы сатаан саһарын итэҕэйдим. Саабын бэлэм тутан, кыылбын эргийэн матасыыкылбар тиийдим. Отууга тиийэн туохха түбэспиппин кэпсээтим, дьонум һуу-һаа буоллулар. Сарсыныгар убайдарбынаан саа-сэп бэлэмнэнэн тахсыбыппыт: хара тыа амырыын адьырҕата сыппыт сиригэр уһуктубат унньуктаах уһун уутун утуйа сытара. Туох буолан миэхэ таала кырыыланан бэйэтин былдьаппыта буолла.

Ол саас Күүлэлээх Эбэҕэ олус үчүгэйдик дуоһуйа бултаан турабыт».

Түүлээхтээһин

Ааспыт үйэ бүтүүтэ дойдубуттан Дьокуускай куоракка көһөн киирбитим. Бэргэһэни хабахха хаайбаккын дииллэринии, кыдьыгым батарбакка, куорат таһыгар оптуобуһунан сылдьан кыһынын туһахтыыбын. Атаһым Бүөтүр сүбэтинэн кэлин, көҥүл атыылаһан, түүлээхтиир буоллум.

Былыр-былыргыттан сахаҕа түүлээхтиир дьону өрө туталлара. Ыраахтааҕы суолун – түһээни түүлээҕинэн төлүүллэрэ. Киһи барыта күндү түүлээҕи эккирэтиспэт. Кырдьык, киһи эрэ барыта санаммат, элбэх сыраны-сылбаны, мындыры ылар булт көрүҥэ буолар. Тоҥ мутук тосту тоҥор тымныытыгар, тобуккар диэри тоҥуу хаары кэһэн саһылы, кииһи эккирэтиһии сыанан-арыынан аҕаабат. Бу дьиҥнээх эр киһи идэтэ, олус күүстээх абылаҥнаах эбит, өйгүн-санааҕын көстүбэт ситиминэн бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр хам баайар. Төһө даҕаны киэһэ кыайан саҥарбат буола сылайан, сииккэ-сиэлэн, хаарга-хааман эстэн-быстан кэлэн утуйан баран, сарсыарда эрдэ уһуктаат ойон туран «баҕар Баай барыылаах Байанай бүгүн мичик гынаарай» дии санаан, син биир хара тыаҕа тахса тураҕын.

Үгүс киһи кыһыҥҥы айылҕа кэрэтин, тыа чэбдик салгынын, көҥүл-босхо сылдьары билбэт. Бу орто дойдуга туох барыта көҥүлгэ тардыһар. Сирдээҕи көҥүл диэн тугун дьиҥнээх булчут эрэ билэр.

Дьиҥинэн, түүлээх тириитин сыаната сыраны-сылбаны боруостаабатын да иһин, булт абылаҥар билиэн барбыт киһи сиэринэн, күн аайы тоҥору-хатары аахсыбакка бараҕын. Улуу тириэньэр Бөтүрүөбүс тустуу абылаҥар уһуйбутун курдук, булт абылаҥар аҕам уһуйан, күн аайы сибиэһэй салгыны түөспэр толору эҕирийэн, тоҥуу хаары кэһэн, туос сатыы тоһуурдарбын көрөбүн.

Мин саха киһитин сиэринэн түүлү-бити итэҕэйэбин. Оҕо эрдэхпиттэн бары булчуттар курдук, түүлбэр бултуубун. Дьэ түүл диэн дьикти, киһи өйүгэр баппат.

Атын эйгэ баарын улуу эмчити Гурий Уйбаанабыһы кытта чугастык билсэн баран итэҕэйбитим. Кини Хатас арыытыгар сүтэрбит саһылбын Бээрийэҕэ олорон хапкааны соһон хайдах айаннаабытын, ханна баарын этэн биэрбитэ. Былырыын матасыыкылынан Болтоҥоттон Бээрийэҕэ айанныы сатаабыппын икки ый буолан баран бэйэбэр кэпсээбитэ.

«Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» – диэн соһуппута.

Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр.

Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустаран аанньа аахайбаппыт. Дьэ буолар буолтун кэннэ биирдэ «бабат» диибит.

Биирдэ кыһын, киэһэ утуйаары ороммор сыттахпына, хапкаан тыаһа илэ-чахчы тас гынна. Саһыл хапкааммар иҥнибитин сэрэйдим, ол эрээри ханныгын билбэппин. Ол кэмҥэ хапкааным алта сиргэ баар этэ, онон барыахтаах сирбэр бардым. Дьиҥинэн ырытан, толкуйдаан баран барыах баар эбит. Онтукам мыраан үрдүгэр бааһына кытыытыгар ииппит хапкааммар иҥнибит. Суолга тахсан биэрбитин «булчуттар» илдьэ барбыттар.

Итинник дьону киһи булчуттар диир кыаҕа суох. Туртастыы, мас көтөрдүү сылдьан баран дьонугар саһылы хапкааҥҥа бултаабыттарын хайдах быһаарбыттара буолла. Хара тыа иччитэ түүлээх уллуҥахтар саһылгын уоруохтара, онон сэрэн диэтэҕэ. Ону өйдөөбөт киһи буоллаҕым. Уоран иннилэрин сарбынар, олохторун огдолутар дьону аһына саныыбын, кинилэргэ кыыһырбаппын. Хомойорум диэн, Байанай миэхэ анаабытын уордаран булдум ханынна. Онон кинилэр буруйдарын содулугар мин эрэйдэнним. Дьиҥинэн мин туох буруйдаах буолуохпунуй. Биир ыйы быһа сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Хата Байанай биир эрэ ыйга ыстарааптаата. Хайдах оруобуна биир ыйга ыстарааптыыра буолла? Саһылбын хаһан сүтэрбиппин ким көрөн олороруй? Киһи эт өйүнэн быһаарбат суола. Биир ый мэлийэн баран дьэ бултуйар буолбутум. Кырдьаҕас булчуттар улахан буруйга-сэмэҕэ үс сылга диэри ыстарааптыыр дииллэр. Дьэ дьикти. Сиргэ-уокка бэйэ бодотун тардынан, иннигин-кэннигин кэтэнэн, сиэри-туому тутуһан, Баай Байанайтан көрдөһөн сылдьыллыахтаах.

Сиэри-туому тутуспатахха, олус элбэх дэҥ-оһол тахсар. Ол иһин эдэр дьоҥҥо сэрэтэн этэбин.

Биирдэ Бүөтүр этэн турар: «Саһыл – олус өйдөөх, киитэрэй кыыл. Бултуургар кинитээҕэр мындыр буолуохтааххын. Аны бултатар киһитигэр бултатар, булчут эрэ барыта ылбат. Саһылы бултуур – өркөн өй былдьаһыыта. Элбэхтэ сыраластаххына, тоҥноххуна-хаттаххына эрэ бултуоҥ. Маҥнайгы саһылы ылыы син биир маҥнайгы тустуу маастарын охторуу кэриэтэ. Кэлин, сатабылыҥ улааттаҕына, куккунан-сүргүнэн баттаан, тустууга курдук күүстээх маастар буоллаххына, эдэр саһылы Байанай биэрдэҕинэ хото ылыаҥ».

Итини Бүөтүр сөпкө эппит дии саныыбын. Биир күһүн арыыга икки хапкааны уураат, эр-биир икки саһылы ылбытым. Эһиилигэр ол арыыга күөспүн эрдэттэн өрүнэн баран, өр ылбакка эрэйдэммитим. Онон туох эрэ көстүбэт күүс баар.

Бултууруҥ бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Байанай быһаарар эбит. Төһөнөн түүлээх булдугар убанан истэҕим аайы өйдөөбөтүм үксээн тахсар. Түүлээх булда туһунан бөлүһүөктээх, куттаах-сүрдээх. Ону ырыҥалаан сурукка тиспит киһи…

Мин биирдэ үгэспинэн куорат оптуобуһунан айаннаан тиийэн, саһылга биэс чааркааны ииттим. Уонча хонон баран тоһуурдарбын көрө барар буоллум. Хайаан даҕаны биир эмэ иҥнибитэ буолуо диэн атаспын Уйбааны массыынанан илдьэригэр көрдөстүм. Атаһым нэдиэлэҕэ биирдэ ыраах бултуурбар барсар, эмиэ туһунан куттаах-сүрдээх, түүллээх-биттээх киһи.

Күнү быһа хаамар сирбэр улахан омук массыынатынан начаас сирилэтэн тиийдибит. Маҥнайгы чааркаан таһыгар тохтоотубут. Тоҥуу хаары кэһэн иккиэн суксуруһан, үрэх үрдүгэр тиийдибит. Үрэҕи өҥөйөн туран атаспыттан ыйытабын: «Уйбаан, тугу көрөҕүн?»

Киһим хардарар: «Саһыл үрэххэ ойон киирэн икки илин атаҕыттан хапкааҥҥа иҥнэн сытар».

Мин саҥарбаппын. Бултаабыт аҕай киһи буолан иҥиэттэн эрэ кэбистим.

Тохтуу түһэн баран соһуйбут куолаһынан эттэ: «Чааркааҥҥа иҥнибит саһыл таһынан иккис саһыл чааркааны соһон ааспыт». Уйбаан чэҥкээйититтэн талахха иҥнибит иккис саһылы тыыннаах олорорун булан аҕалла.

Үһүс чааркааҥҥа киирэн иһэн: «Былырыын үрэх иһигэр ииппит чааркааммар саһыл иҥнэн баран бу манан ааспыта», – диэт, инним диэки хаары ыйан көрдөрдүм.

Уйбаан мин ыйбыт сирбин көрөн баран хаһыытыы түстэ: «Быйыл эмиэ чааркаан соһуулаах саһыл ааспыт».

Дьэ ол улахан саһылы сырабыт-сылбабыт баранан, күнү быһа эккирэппиппит. Уйбаан атаҕар кыанар киһи буолан сиппитэ. Ол сыл иккитэ иккилии саһылы тэҥҥэ сүгэн дьиэбэр кэлбитим.

Дьэ оннук, Баай барыылаах Байанай биэрдэҕинэ, киһи сымыйалаан эппитин курдук биэрэр. Дьиҥинэн итини суруйуо суохтаахпын суруйдум. Улахан булчуттар бултаабыккын кэпсиэхтээххин, Байанай үөрүнньэҥ дииллэр. Онон кыратык быктаран, биир күн өлгөмнүк бултаабыппын суруйдум, күн аайы итинник бултаабаккын. Үксүгэр сииккэ сиэлэҕин, хаарга хаамаҕын.

Бултаатарбын эрэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр олорор улуу булчукка, аарыма кырдьаҕаска Дьэпсиэйэп Сэмэҥҥэ эрийэн, кэпсээн үөрдэбин. Оҕонньоттор булт туһунан олус сэргииллэр, эдэр-сэнэх кэрэ кэмнэрин, сылдьыбыт сырыыларын санаан эрдэхтэрэ. Саһылы кыайан ылбатахха оҕонньоттор сүбэлииллэр, алгыыллар. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо «кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эрчимин ыл» диэн.

Өлгөмнүк бултаабыт сылбар түүйдэ диэн куттаммытым, онно Бороҕон оҕонньор эппитэ: «Дьөгүөр, эн сиэри-туому тутуһан булка өр сыраластыҥ, онон түүйдэ диэн куттаныма. Ити эн Байанайга, тыа иччитигэр бэйэ киһитэ буолбутуҥ бэлиэтэ».

Син биир урукку чааркааннарбын, дэйбиирбин, мас лаппаакыбын, атаҕым таҥаһын, үтүлүкпүн илдьэ сылдьабын. Чааркааммын уруккум курдук ииттэрбин да, тоҕо эрэ ала-чуо ол сыл өлгөмнүк бултаабытым буолла. Баҕар, кырдьык, улуу киһи эппитин курдук «бу киһи элбэх сыратын-сылбатын биэрдэ» диэн кыратык дук гыналлара дуу?

Биирдэ Сэмэн кырдьаҕас этэн турар: «Дьөгүөр, аар тайҕа баһын тайанан, сылдьыбыт сирдэрбинэн бултаабытыҥ буоллар улаханнык бултуйуох эбиккин, ону куоракка хаайтаран сытаҕын».

Миэхэ бу улахан сыанабыл буолбута.

Кэлин буойуу-хааччах элбээн, киһи бултуох санаата кэлбэт буолла.

Тустууга эмиэ элбэх сыл утумнаахтык дьарыктаннахха кыайаҕын. Мин улуу тириэньэргэ Бөтүрүөбүскэ уон биэс сааспыттан саҕалаан биэс уон сааспар диэри эрчиллибитим. Сааһыран баран араас күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Ол кэмҥэ туста сылдьар Саха сирин сэттэ муҥутуур кыайыылаахтарын охторбутум. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй, саастаах киһи эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттары охторорун? Бу киһи тустууга олус элбэх көлөһүнүн тохто диэн, эмиэ үөһээттэн көмөлөстөхтөрө. Онон сырам-сылбам сыаналаммыта, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга аатым ааттаммыта.

Биирдэ күрэхтэһиигэ, маҥнайгы түһүмэх кэннэ сынньана турдахпына, Бөтүрүөбүс эппитэ: «Үлэлээ, үлэлээ, туох барыта үлэттэн тахсар». Ити этиитин маҥнай соччо ахсарбатаҕым, хайдах тустан хоторбун этиэ дии санаабытым.

Кэнники, сааһыран баран өйдөөтөххө, кырдьык, туох барыта үлэттэн тахсар эбит. Улуу киһи ити эппитэ сырдык сулус буолан сыдьаайан, ситиһиигэ сирдиир.

Манан сирдэтэн эдэр дьоҥҥо этиэм этэ: сиэри-туому тутуһан бултааҥ-алтааҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, чөл олоҕу тутуһан уһуннук, дьаныардаахтык дьарыктаныҥ, күрэхтэһиҥ. Хаһан эрэ эһиги көлөһөҥҥүт тиллиэ, ааккыт ааттаныа, норуоккутугар туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххут.

Иккис түһүмэх

Убайым Борокуопай кэпсээнэ

Хабараан

Ноху үрэх диэн Алдаҥҥа түһэр Нуотара үрэх салаата баар. Ол үрэх эҥээр булчутугар – Чиккэ Уйбааҥҥа бииргэ бултуур доҕотторо соҕурууттан ыт оҕотун аҕалбыттар. Ыттарын оҕото түөрт харахтаах, эриэн дьүһүннээх, бэйэтин сааһыгар улахан уҥуохтаах-арҕастаах бэртээхэй нуучча боруодата ыт эбит. Ону ардай аһыылаах адьырҕаттан куттаммакка, тэҥҥэ туруулаһарын туһугар Хабараан диэн ааттаабыттар. Кырдьаҕас булчуттар тутан-хабан баран, атаҕар кыанар буолсу диэн билгэлээбиттэр.

Күһүн буолбутугар тыаҕа тайахха хаама тахсыбыттар. Чиккэ Уйбаан ыта буолан, Хабараан сүрдээх мааны үһү. Ол күһүн булт бөҕөнү бултаабыттар даҕаны, мааны ыттара бултаспатах. Ыттар тайаҕы үрэн тохтоттохторуна, тугу үрэллэрий диэн көрөн турара үһү. Бука, тайаҕы ынахха маарыннатара буолуо. Булчуттар дьиктиргииллэр эбит. Чугаһаан көрдөхтөрүнэ, ыттар үрэ сылдьар тайахтарыттан Хабараан чугас олорор уонна уонна үрсүбэт үһү.

Уйбаан сааһыран кулгааҕынан мөлтөхтүк истэр буолбут, онон тайахха биирдэ эмэ барсар идэлэммит. Сарсыарда аайы ханан хайдах сылдьыахтаахтарын быһаарар уонна астарын астаан абырыыр эбит.

Алтынньы саҕаланан, сир үрдэ, күөл мууһа добдугураччы тоҥмут. Хаар кыыдамнаабыт. Биир үтүө күн арҕахха түбэспиттэр. Хабараан бу сырыыга, тыатааҕыны ынахха майгыннаппакка буолуо, үрүү бөҕөнү үрбүт, бултуйбуттар. Ол күн Уйбаан тыаҕа барсыбыт. Киэһэ малааһыннаабыттар, оҕонньордоро үөрүү бөҕөтүн үөрбүт, ытым булчут буолла диэн улаханнык астыммыт.

Дьэ эһиилигэр ыттарын илдьэ тахсыбыттар. Бу сырыыга Хабараан букатын атын майгыламмыт: тайаҕы көрдүүр, буллаҕына урутаан туруоран үрэр, хаайан тохтотор. Ол күһүн Баай Байанайдара өлгөмнүк бэрсибит. Нуотара Эбэ хотун устун үүтээнтэн үүтээҥҥэ Чиккэ Уйбаан үчүгэй ыттаммытын туһунан сурах-садьык тарҕанар. Алаас-алаас аайы, атыыр оҕустуу айаатаата диэбиккэ дылы, үүтээн аайы булчуттар уостарыттан Хабараан диэн аат түспэт буолар.

Ол саҕана биһиги аҕабыт ытын булка үөрэттэрээри, уонна аатырдар Хабарааннарын көрөөрү, атаһыныын Бөтүрүөп Бүөтүрдүүн Ноху үрэххэ Чиккэ Уйбааҥҥа бултуу тахсыбыттар. Болтоҥоттон быһа түһэн Мырылаҕа матасыыкылынан тиийбиттэр. Хата ат булан, малларын онно ындыылаан, Ноху диэки сатыы түһүммүттэр. Хас да хонук айаннаан Чиккэ үүтээнигэр чугаһаабыттарын кэннэ, арай биир түөрт харахтаах маҥан эриэн улахан ыт утары кэлэн, үүтээҥҥэ батыһыннаран аҕалбыт.

Киэһэ үөрэ-көтө аһыы олорбуттар. Ол олордохторуна оҕонньор: «Дьөгүөр, эн урут бултуур этиҥ дуо? Мин ытым мээнэ киһини утары тиийэн арыаллаабат», – диэн ыйыппыт.

Ону аҕабыт билбэт сиригэр, улахан үрэххэ, кэллэ-кэлээт бэйэбин кэпсэнэ олордохпунуй дии санаан: «Ээ, дьону батыһан, тайахха биирдэ эмэ сылдьар этим», – диэбит.

Кулуһун уота сөҕүрүйэн эрдэҕинэ Хабараан уот кытыытыгар көхсүнэн сытынан кэбиспит. Онно Уйбаан икки саҥа кэлбит киһиттэн хайаларын кэргэнэ ыарытыйарын ыйыппыт. Дьэ итинник, тиийээттэрин кытта Хабараан дьикти ыт буоларын көрдөрбүт.

Үрэххэ булчут да, ыт да элбэх буолар. Сарсыарда хас да бөлөххө хайдан, хас да хайысханан хаама бараллар. Сорохторо оҕонньор ыйбыт сиригэр күөлгэ тиийэн тоһуйаллар эбит. Тайах, ыттан мүччү туттардаҕына, ууга түһэн куотар идэлээх.

Төһө даҕаны мэлдьэстэр, оҕонньор булчут киһи кэлбитин туттарыттан-хаптарыттан сэрэйэн, хаама барарыгар ытын Хабарааны биэрэн ыытар. Биир үтүө күн бултуу баран истэхтэринэ, ыттара мэлис гынан хаалар.

Ол күн булка сылдьа илик оскуоланы саҥа бүтэрбит хараҕынан мөлтөх уол Чиккэ ыйбыт күөлүгэр тоһуйа олорбут. Уол күөл халдьаайы өттүгэр оҕонньор ыйбыт тиитин анныгар тохтообут эбит. Күн ортото ааһыыта Хабараан куулаттан кэлбит уонна икки илин атаҕынан охтубут маска ууран, тирэнэн, халдьаайыны одуулаабыт. Сыл аайы бултуур буолан, тоһуурга ханан олоруохтаахтарын билэн эрдэҕэ.

Уол хамсаабытын көрөн, Хабараан сүүрэн кэлбит. Үөрэн уол сирэйин салаабыт уонна барыахха диирдии, сонун тэллэҕиттэн тардыбыт. Уол ыты батыспыт. Ыта күөлгэ чугаһаат, үрэн тоҕо барбыт. Арай сүүрэн тиийэн көрбүтэ, туох эрэ көхсө күрдүргүүр эбит. Аны адьырҕа буолуо диэн сирдиргии, салла санаабыт. Аҕылаан ачыкыта көлөһүннүрбүтүн ырбаахытын тэллэҕинэн соппут, саатын бэлэм туппут. Хабарааҥҥа эрэнэн, адьырҕа даҕаны буоллаҕына киирсэр санаалаах эбит. Хата, кини үөрүөх быатыгар, ойуур быыһынан тайах барыс гыммыт. Уол уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка ытан саайбыт. Тайаҕа мэлис… Уол сыыһа тутуннум дии саныы турдаҕына, тайаҕа эмиэ көстүбүтүгэр ытан ылбыт. Тиийэн тайаҕын астаабыт уонна ытын аһаппыт. Төннөн истэҕинэ, ыта кэлэн эмиэ сонуттан тардыбыт. «Бу ыт туох буолан киһини ыҥырдаҕай» диэн саныы-саныы батыһан тиийэн көрбүтэ, өссө биир тайах сытар эбит. Ол тайаҕы астаан, дьонугар үөрэн-көтөн кэлбит. Хабараан күөл кытыытыгар ыҥаахтаах тыһы тайах турбуттарын эрдэ билэн, сирдээн илдьэ барбыт. Уол маҥнай ийэтин охторбут, онтон оҕотун. Эдэр киһи улахан тыһы тайаҕы ыҥаахтан араарбата сөп. Күһүн ыҥаах ийэтин саҕа буолар, омос көрөн киһи билбэт.

* * *

Биирдэ ыттар тыатааҕыны арҕахха үрбүттэр. Ууларыгар-хаардарыгар киирэн, икки уохтаах ыт оҕото дьиэҕэ киирэ-киирэ тахсыбыттар. Адьырҕа арҕах түгэҕэр кырыктаахтык ырдьыгыныыр эбит. Эдэр ыттар уох-кылын бөҕөлөрө буоллахтара, синньигэс бииллэригэр диэри дьиэҕэ киирэн, сүтэ-сүтэ күөрэйбиттэр. Хабараан маҥнай саҥата суох көрөн турбут, онтон ыттары тииһинэн сабырҕахтарыттан ылан, утуу-субуу ыраах элитэлээбит. Бэйэтэ тэйиччи туран, ыксаабакка, өр буола-буола үрэн лоҥкунаппыт. Дьоно эдэр уохтаах ыттары ыспытын көрөн соһуйбуттар, онтон былырыын бэйэтин адьырҕа арҕахха соспутун өйдөөбүттэр. Уруккуну умнубат эбит диэн саллыбыттар. Өссө Хабараан бэҕэһээ үрэҕи куулатынан барбыт буоллаҕына, сарсыныгар үрэх халдьаайытынан барарын сөхпүттэр.

Биирдэ аҕам Уйбаанныын күнү быһа хааман баран киэһэлик үүтээннэригэр төннөн истэхтэринэ, ыттар тайаҕы үрэн баргыйбыттар. Чиккэ Уйбаан: «Дьөгүөр, ыттар баҕар мүччү тутуохтара, онон үрэххэ киирэн тоһуй», – диэбит.

Аҕам хойуутук үүнэр ыарҕаны силэйэ-силэйэ, үрэххэ сүүрэн киирбит. Тыа баһын сатарытан, саалар тыастара тоҕута барбыт. Ону истэн, аҕам «охтордулар» дии санаабыт. Арай төннөн иһэн көрдөҕүнэ, үрэҕи таҥнары уонтан тахса салаа муостаах аарыма буур, харыс уһуннаах соллура биэтэҥнээн, тамайа сиэлэн аҕай иһэр эбит. Аҕам ыарҕа быыһыгар хаптайбыт, саатын бэлэм тутан өндөйбүт. Үрэх халдьаайытын кындаатынан икки сүүсчэкэ хаамыылаах сиринэн ааһан эрэр эбит. Күөнүн көрөн баран, харабыынынан ытан хабылыннарбыт. Буур сүүрбүт уоҕар, хойуоста-хойуоста, охтон түспүт. Хабараан тилэх уопсан кэлэн, омунугар тайаҕы аһары түспүт, онтон сытын сүтэрэн төннүбүт. Тохтуу түһэн баран атын ыттар аҕылаһан кэлбиттэр.

* * *

Биирдэ ыттар ойуурдааҕыны үрэн тохтоппуттар. Аҕам аах үһүө буолан сылдьыбыттар. Икки өттүнэн киирбиттэр. Аҕам саатын бэлэм тутан испит. Ычык быыһыгар ыттар үрэллэр, онтон тыатааҕы көстүбэт үһү. Биир түгэҥҥэ күлүкүс гынан хаалбыт уонна дьонун диэки сыҕарыйбыт. Адьырҕа көстөн ааһыытыгар аҕам быыс булан ыппатах.

Сотору дьоно ытыалаан тибиргэппиттэр. Аҕам тиийэн көрбүтэ: хайыы үйэ охторбуттар, тыатааҕы бүтэһик мөхсүүтүн мөхсө сытар эбит. Ыттар бары мөҕүһүннэрбитинэн хатана сылдьаллар. Ыттары кытта аҕам маҥан ытын оҕото көххө ыйааста сылдьарын көрөн үөрбүт.

Үүтээннэрэ ол сиртэн чугас буолан, эдэр уол көтөҕөн илдьиэххэйиҥ диэн этии киллэрбит. Ону саастаах киһилэрэ: «Төбөтүн көтөҕөн көр эрэ», – диэн хардарбыт. Эдэр уол өс киирбэх, тыатааҕы төбөтүн сыһаҕастаан нэһииччэ өндөппүт. Көрдөххө кыра эрээри, ыйааһына лис курдук буолар эбит.

* * *

Кыраһа хаар түспүтүн кэннэ Чиккэлээххэ атын булчуттар, төннөн иһэн, таарыйбыттар. Дьиҥэ, ыттаах дьоҥҥо кэлээт даҕаны, ыттарын баайыахтаахтар этэ да, оннук дьаһамматахтар. Ол дьон үчүгэй быһыылаах-таһаалаах бэдэрдьит ыттаахтар эбит. Ол ыт маҥнай биир ыт оҕотун сарылаппыт, онтон иккис баайыллан турар эдэр ыты орулаппыт. Сотору буолаат баайыылаах сытар Хабараан үрдүгэр саба түспүт. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр Хабараан ойон туран күөнүнэн түҥнэри охсон, бэдэрдьит ыты анныгар уктан кэбиспит. Ыт тыа баһын сатарытан, ый-хай бөҕө түһэрбит.

Ыт иччитэ: «Сиэтэ», – диэн кыланаат, мас ылан Хабарааҥҥа ыстаммыт. Онуоха Уйбаан саатын хаба тардыбыт уонна: «Ыппын охсуоҥ кэриэтэ миигин кырбаа», – диэбит. Ыт иччитэ Хабарааны охсон иһэн, ыар-нүһэр саҥаттан түөскэ астарбыттыы, тохтуу түспүт. Чиккэ Уйбаан наҕыл, холку бэйэтэ, ытын көмүскэһэн, хаана быһытталанан, сирэйэ-хараҕа тыйыһырбыта сүрдээх үһү. Бары булчуттар мах бэрдэрэн турбуттар, онтон тыҥааһын күүһэ сөллөн, туос амаларыгар түһэн, уоскуйбуттар. Ыт айаҕын саа уоһунан олуйан нэһииччэ араарбыттар. Анараа булчуттар кэри-куру буолан, үүттэрин тохпут оҕолор курдук дойдулаабыттар. Үтүмэн үгүс сыл ааспытын кэннэ Хабараан туһунан «Байанай» сурунаалга бэчээттэммитэ. Үтүө ыт аата умнуллубат эбит.

Оттуу сылдьан

Бу түбэлтэ өрдөөҕүтэ, ааспыт үйэҕэ буолбута. Дойду сиргэ от үүммэккэ, дьон талыытын талан, илии биригээдэтин тэрийэн, Амма Эбэ уҥуор Хочоҕо оттото ыыппыттар. Көтөр аалынан күпсүйэн кэлэн, оттуур сирдэригэр түһэрбиттэр. Борук-сорукка аһаары аамайдаһа сылдьыбыттар. Арай биир уол көрбүтэ: эргэ гараас кэнниттэн аарыма улахан тайах быган, кинилэри көрөн турар эбит. Отчуттар сааларын үрдүгэр түспүттэр. Хантан, кэтэһэн туруо дуо? Айылҕа оҕото хара тыатыгар элэс гыммыт. Хочо иччитэ тута сөрөөн, кэлээттэрин кытта, маанылаах оҕотун көрдөрбүт. Сарсыҥҥы күнүттэн тыа дьоно барахсаттар күүстээх үлэҕэ туруммуттар. Астара-үөллэрэ татымсыйыыта, тайаҕы бултуурга көҥүл кэлэр.

Икки эр бэрдэ Оппуос уонна Сахаар хараланаары, тайах тоһуйа барбыттар. Хас да түүн ууга тоһуйбуттар да, кыыллара уулуу киирбэтэх. Уолаттар сылбаахы буолбуттар. Айакка, күнү быһа хас да уон сыллаах сэтиэнэҕи эт илиигинэн эллэһэн баран, өл хабаат, борук-сорукка харбыалаһан, көстөөх сиргэ сатыы тайах тоһуйар сыанан-арыынан аҕаабата биллэр. Чахчы кыанар уонна булка баҕалаах дьон буолан сырыттахтара.

Дьэ биир киэһэ, үгэс быһыытынан, кыра ууга тоһуйа кэлэллэр. Уочаратынан маныыллар. Маҥнай Сахаар маныыр, онтон Оппуос уочарата кэлэр. Оппуос эдэригэр лаппа кыанар уонна сылбырҕа, хапсаҕай туттуулаах эр бэрдэ этэ.

Оппуос күнүскү күүстээх үлэттэн сылаарҕаан, күлгэдийэн, көхсө сааллан, утуктаан, тоҥхоҥноон барар. Арай ол олордоҕуна, туох эрэ хара күлүк курдук барыйан, тыаһа-ууһа суох аргыый устан ууга киирэр. Оппуос хараҕын сотто-сотто көрөр. Дьиибэтэ диэн, кыыла төрүт тыаһа суох, күлүк эрэ курдук барыҥныыр, улаатар, кыччыыр. Биһиги киһибит дьиктиргии-дьиктиргии киһитин уһугуннарар. Өр толкуйдуу барбакка, «тайах» дии санаан ытыалаан либиргэтэллэр. Дьэ манна буолар амырыын, киһи куйахата күүрэр дуолан часкыыра. Адьырҕа эрэ буолуо диэбэккэ олорбут дьон, өмүттэ түһэллэр. Иэдээн илэ бэйэтинэн иэнигийэн тиийэн кэлэр. Аар тайҕа муҥур тойоно өлүү-сүтүү аргыстаах идэмэрдээх буулдьаҕа тоҕута-хайыта ыттаран, кини да бэйэлээх буоллар, өмүттэн, мах бэрдэрэр. Онтон икки атахтаах уотунан уһуурар сэптэрэ ытыс таһынар хараҥаҕа эстэн чаҕылыйбыт уотун көрөн, икки хараҕын үүтэ көстүбэт буола кыынньан, иннигэр түбэспити тоҕута-хайыта сынньан, ардай аһыылаах айаҕын аллаччы аппытынан отчуттар диэки түһүнэн кэбиһэр.

Уолаттар ыксаан ботуруоннарын сиргэ мүччү түһэрэ-түһэрэ, сааларыгар нэһииччэ укталлар. Ханна эрэ истибиттэрин санаан, сонос маска сөрүөстэллэр уонна сэрэх хоту ытыалаан батырҕаталлар. Оттон-мастан иҥнэ-иҥнэ, кэннилэринэн тэйэллэр. Ол кэмҥэ тыатааҕы обургу билигин аҕай турбут тииттэригэр ыстанан кэлэн, түөһүнэн сааллан ньилк гынар уонна өстөөҕүн тиит нөҥүө турара буолуо диэн, кууһардыы, дэгиэ тыҥырахтаах сүдү баппаҕайынан охсон хабылыннарар. Хата сыҕарыйбыт буолан, өлөр өлүүттэн быыһаналлар.

Өлөр өстөөхтөрө куотан биэрбит кыһыытыттан-абатыттан, ол тиит хатырыгын часкыйа-часкыйа, маҥан субата кылбайыар диэри, хайыта тыытар. Уол оҕо уйана-хатана биллэр хабыр хапсыһыытыгар уолаттар уолуйан куоппакка, атын маска сөрүөстэн, эмиэ ытыалаан либиргэтэллэр уонна сыҕарыйан биэрэллэр. Кыыллара эмиэ тиити кууһа түһэр. Эмиэ өлөр өстөөхтөрүн халты харбаабыт абатыгар тиит хатырыгын хастыыр. Хаста даҕаны төхтүрүйэн кэннилэрин диэки бараллар, өйдөөн көрбүттэрэ – сүнньүөхтэрэ бүппүт. Дьэ манна буолар ыксал, ыгылыйыы. Хата, кинилэр дьоллоругар адьырҕа биллибэт. Сыгынньах быһахтарын илиилэригэр тутан, оргууй кэннилэринэн хааман, дуолан охсуһуу буолбут сириттэн тэйдэр-тэйэллэр. Оннук айаннаан отууларыгар түүн үөһэ кэлэллэр.

Дьоннорун туруоран, кулуһун оттон, сэрэнэн-сэрбэнэн, бэйэ бодолорун тардынан, олорбутунан хоноллор. Сарсыарда, халлаан лаппа сырдаабытын кэннэ, хас да буолан ох курдук оҥостон дуолан охсуһуу буолбут сиригэр бараллар. Кугас аарыма адьырҕаны булан ылаллар. Сыныйан көрбүттэрэ, бүтэһик буулдьалара тыын сирин булларбыт эбит.

Дьэ ити курдук тыа сэмэй отчут-масчыт дьоно ыксал кэмҥэ, өлөр-тиллэр алдьархайа тирээбитигэр куттаммакка, бэйэ бодолорун тардынан, хабыр хапсыһыыга үрүҥ тыыннарын өрүһүйдэхтэрэ.

Нуотараҕа

Чурапчы улууһун биир тарбахха баттанар улахан булчутун Сахаарап Сэмэни көрсөн, мүччүргэннээх түбэлтэлэрин кэпсииригэр көрдөстүм. Хата киһим кэтэмэҕэйдээһинэ суох бэл улгумнук кэпсээн барда:

«Биирдэ күһүн дьогдьоот буолан, күн-дьыл туран, Баай Байанай мичик гынан, Нуотара Эбэҕэ син бултуйбуппут. Онон хаар түһүөн иннинэ өтөхпүтүн быспыппыт.

Нуотара Чаччаҕар диэн салаатынан төннөн истибит. Күнүс биир үүтээҥҥэ чэйдээн баран, айаннаары туран атаһым: «Сааҕын чэҥкээйи гынан, көхсүгүн тоҕута сыстаран дьөллүргэ оҥостума, аккар төргүүлэн», – диэбитэ. Ол сүбэтэ идэмэрдээх иэдээни оҥоро сыспыта.

«Барар сирбит ыраах, кырдьык, суол ортотугар туох баар буолуой? Биир эмэ мас көтөрө баар буоллаҕына атаһым дьаһайар ини» дии санаатым. Онон улахан буулдьа саабын ыҥыырга иилэ бырахтым уонна туох да кыһалҕата суох Нуотара Эбэм бииртэн биир кэрэ көстүүтүн дуоһуйа көрө истим. Төбөбөр чардааттан тахсар муҥха хотоҕоһунуу8, араас санаа субуллар.

Быйыл Эбэбит биэрэн бэркэ бултаатыбыт дии саныыбын. Холбобутун сиэгэн эрэ булбатар ханнык, буллаҕына киһи туһаммат гына дьаабылыыр. Наһаа чанчарык, сыптарыйа-сыптарыйа сиир-аһыыр. Эмиэ да абара, эмиэ да күлэ саныыбын. Ыттар ситэн кэллэхтэринэ мүлүкүчүс гынан баран тиэрэ тарас гынар. Оччоҕо ыттар айылҕаларынан билэллэрэ буолуо, үрдүгэр саба түһэн иһэн тохтоон чугурус гыналлар. Оннооҕор бөрө обургуну иһин хайа тэбэр. Бөрө ситэн кэллэҕинэ сиэгэн эмискэ таралыс гынан иттэннэри түһэр уонна кууһан ылар үһү. Бөрө эрэйдээх, кинини ким кууспута баарай, сиэгэн төбөтүн хампы ыстаабакка манньыйан, кыл түгэнэ тохтуу түһэр үһү. Ол кэмҥэ сиэгэн ороспуой икки кэлин атаҕынан бөрөнү тараһатын хайа тэбэр үһү дииллэр. Хас да ыт көмөлөөн баран, сатаан туппакка, куоттаран кэбиһэллэр. Кини эмиэ биһиги курдук айылҕа оҕото. Эмиэ кырыалаах кыһыны хайдах эрэ туоруон наада, онон холбону кыһыны быһа үссэнэр, хаһаас оҥостор. Бөрө курдук уһун атаҕа суох, онон кыһын обургу кинини эмиэ кыпчыйар буоллаҕа.

Дьэ оннук, ону-маны, буолары-буолбаты саныы истим. Уот кугас анаҕастаах9 аҕыйах хаамыылаах сиргэ, ыарҕа быыһыгар куобах тутан, суолбутун бүөлээн, атахпыт анныгар алдьархай ааҥнаан сытарын хантан билиэхпитий? Суол кытыытыгар, ыарҕа быыһыгар ыттарбыт охсуһан ый-хай бөҕөнү түһэрдилэр. Куобах сэмнэҕин булан былдьаһан эрдэхтэрэ дии санаатым.

Арай доҕоор, тумус кэтэҕиттэн, ыарҕа кэнниттэн умайар уот кугас дьүһүннээх аарыма адьырҕа, үөлэс саҕа айаҕын аппаччы атан, саһарбыт аһыыларын килэтэн, уонча хаамыы сиргэ бу барыс гына түстэ. Биһигини көрөөт, соһуйан хорус гынна уонна суос бэринэн, санаабар халлаан хайдар, сир сиҥнэстэр часкыырын түһэрдэ. Атым дьигис гынаат, куһаҕан аҕайдык хаһыҥыраата, икки кэлин атаҕар туран хололоото. Мин харса суох үүммүнэн айаҕын тартым да, тэһииргээбит дохсун миинэр миҥэ хантан бэриниэй. Уйабар уу киирдэ, ыксал буолла, онтон атым икки инники атаҕынан сиргэ дугунна да, өрө тэбэн бурҕатта. Мин ыҥыыртан арахсан, хоолдьукпун тэлгэммитинэн ириэнэх сиргэ, хата ыарҕа быыһыгар, тас уорҕабынан таралыйдым. Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар куттара көтөн, өлүү айаҕыттан мүччү туттаран, өрө тэбэ-тэбэ, кэлбит суолларынан сүүрэн таҥкычахтыы турдулар. Мин сулбу ыстанан туран көхсүбэр баар саабын харбанан көрбүтүм хантан кэлиэй, суох буоллаҕа, аты кытта ыҥыырга иилиллэн барса турдаҕа. Дьэ онно өйдөөтүм, тыыммын толук уурар алдьархайдаах алҕаһы оҥорбуппун. Кэмсиммитим-кэмириммитим да иһин, аны туох кэлэн абырыай. Хараҕым кырыытынан кылап гына көрбүтүм, киһим саатын сүкпүтүнэн саҥа туран эрэр эбит. Сааны көрөөт син чэпчээн һуу гынным. Арба мааҕын хара улар көтөн күлүбүрээн тахсыбытыгар киһим саатын ыҥыырыттан устан сүктэ этэ дии.

Баҕар, ол хара уларынан сирэйдээн аар тайҕа иччилэрэ биһигини өлөр өлүү айаҕыттан мүччү тардан таһаарбыттара буолуо. Адьырҕа куобах уҥуоҕун минньигэстик хачыр-хучур ыстыы сыттаҕына, өмүрдэн соһуппут өстөөхтөрүн өһүөннээх хараҕынан дьиэгэниччи көрдө, бэлэммит суоҕун тута өйдөөтө. Турар түгэн биэрбэккэ, саба баттыы охсоору ойдо. Эмискэ Суолдьут барахсан сирилээн кэллэ да, мин үрүҥ тыыммын өрүһүйээри, өлөр өлүү айаҕын бүөлүү турунан кэбистэ.

Өлүү айаҕын нэтээгэнэн бүөлээбит диэбиккэ дылы, адьырҕа обургу кыра ыт оҕотун эрэйдээҕи ааһан иһэн хайа дайбыыр буоллаҕа. Эрэллээх доҕорум үрүҥ тыыным өллөйө буолан, олоҕун толук уурарга бэлэм тураахтаата. Адьырҕа Суолдьуту мэһэйдэтэн, иннибэр икки-үс хаамыы сиргэ хорус гынна. Ол кэмҥэ улахан ытым Булчутум ойон кэллэ да, биир-биэс тыла суох арҕаһыгар сүктэрдэ. Адьырҕа соһуйан охсон көрдө да, дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайа кулгааҕын кэннигэр тиийбэтэ. Булчутум барахсан адьырҕа кулгааҕын көмүллээн10 барда. Манна буолла дуолан охсуһуу, ааттаах араллаан. Тыатааҕы ардай аһыытынан хаба сатыыр, дэгиэ тыҥырахтаах баппаҕайынан охсор да, Булчут таптаран бэрт. Ытым дьыпсаатыттан, уоҕуттан-уоруттан сөҕөн, чыпчылыйыах түгэнэ көрөн тура түстүм. Ол кэмҥэ киһим ыта кэллэ да, тыатааҕы борбуйугар хатанна. Ону көрөн, кыра ытым Суолдьуту үтүгүннэ.

Тыатааҕы охсор кэмигэр биир ыт аһаран биэрэр, ол кэмҥэ атына борбуйугар хатанар. Сүбэлэспит курдук утуу-субуу борбуйдаһаллар. Ити кэмҥэ ытарга сөп буолла диэбиттии, Булчут адьырҕа арҕаһыттан ойон түстэ. Эмискэ саа тыаһа сатараата, ону кытта даҕаспытынан адьырҕа соһуйан тиэрэ баран түстэ. Онтон туран, үрэххэ киирэн хааһаҕы бырахпыттыы ойон бурҕата турда. Инчэҕэй сиртэн тэбинэн, иһэҕэ кэнниттэн ыһылла истэ. Ыттар тилэх баттаһан, саппай уобустулар.

Биһиги буолар буолтун кэннэ дьэ өйдөнөн уу испит сылгы курдук уҥуохпут халыр босхо баран, сүһүөхпүт уйбакка, сиргэ лах гына олордубут. Уоскуйан табахтаан сыыйдыбыт. Ол олорон кыл түгэнэ буолбут хабыр хапсыһыыны эргитэ санаатыбыт. Сап саҕаттан салҕанан, ситии саҕаттан ситимнэһэн, айыыларбыт аргыстаһан, иэйэхситтэрбит эҥээрдэһэн тыыннаах орпут үөрүүбүт өрөгөйө хам кууста. Онтон Баай Байанай утары ууммут боччумнаах булдун мүччү туппут хомолтобут курус тыына солбуйда. Үрэххэ аргыый киирэн кыылбыт дэгиэ тыҥырахтаах атаҕынан батарыта үктээн, ойбут олугун көрбүтүм уоннуу ыллар хардыы этэ.

Булчуту, эр-бэрдин, сардаҥалаах сарсыҥҥыга адьырҕа ардай аһыыта дуу, булт үлүскэн үөрүүтэ дуу, сииккэ сиэлэн, хаарга хааман мэлийии курус тыына дуу күүтэрин, инникини тымтыктанан көрбүт суох.

Солоҥдо

Талба-талыы хонуулаах Таатта Эбэ хонуутун устун булчут хайыһарын аргыыйдык сыр-сыр тэбэн истэ. Билигин тымныы кыһын оройо үгэннээн турар кэмэ, хонуу-сыһыы маҥан суорҕанын саптан сытар.

Эдэр киһи бултаабыта хаһыс да сыла, онон булт кистэлэҥин билиэн-көрүөн баҕарара сүрдээх. Кини андаатарга ииппит тууларын көрөн баран дьиэлээн иһэр. Бүгүн да Байанайа мичик гынна, онон өттүк харалаах, илии тутуурдаах. Хайыһара улгумнук иннин диэки дьулуруйар, салгын ырааһа, чэбдигэ сүрдээх.

Күөлтэн тахсан сыһыыга киириитэ эмискэ куочай кугас солоҥдо суолугар кэтиллэ түстэ. Субу барбыт суола мэктиэтигэр буруолуу сытар. Булчут үөрэн сэгэс гынна, бэргэһэтин сөмүйэтинэн өрө ааста уонна сонордоото. Солоҥдо тэҥ-тэҥник лэбиргэччи ойон, күөл диэки барбыт. Булчут күөлгэ киирэн суоллаабыта – кыыла күөл мууһугар тиийэн, андаатар оҥостубут бугулугар киирбит.

Булчут өр толкуйдуу барбакка, үөрүйэхтик туттан, солоҥдо киирбит суолугар тимир чааркааны ииттэ уонна тугу эрэ алҕаан ботугураата. Бука, Байанайыттан көрдөстөҕө буолуо.

Нэдиэлэ буолан баран булчут ааһан иһэн солоҥдотун суолун хайбыта – тахсыбатах. Онтон эмиэ кэлэн көрбүтэ – суол суох. Тоҕо баччааҥҥа дылы тахсыбат баҕайытай диэн дьиктиргии санаата.

Кэмниэ кэнэҕэс, булчут кэтэһэн кэлтэгэй буолтун кэннэ, солоҥдото дьэ тахсар. Булчут ый аҥаарыттан ордук кэмҥэ, солоҥдо бугул иһигэр туох айылаах өр буолла диэн дьиктиргии санаата. Эдэр киһи билиэх-көрүөх баҕата баһыйан, сүгэһэриттэн кыра чохороонун ылан андаатар бугулун үөһээ өттүн суоран ылла. Булчут балайда ырыҥалаан барытын өйдөөтө уонна солоҥдо өйүн сөҕөн баһын быһа илгиһиннэ. Онтуката маннык буолбут.

Куочай кугас өҥнөөх аарыма атыыр солоҥдо бэрийэр бэрдэ бугул уйа иһигэр киирэн, андаатар тахсар ойбонугар кэтэһэн сыппыт. Сытар сиригэр кураанах оту таһан тэллэх оҥостубут. Тыын ыла ойбоҥҥо быкпыт андаатардары өмүтүннэрэн, сүнньүлэрин хадьыйар эбит. Дьиҥинэн, андаатар ыраас сиргэ мээнэ туран биэрбэтэ буолуо. Бугул иһигэр туспа хос оҥостубут, онно илдьэн сиир эбит. Ол хоһугар элбэх андаатар тыҥыраҕа ордон сытар, атын уҥуохтара көстүбэт, бука кистиирэ дуу, сиирэ дуу буолуо.

Солоҥдо чэнчис, ыраас муҥутаан өссө биир хос оҥостон көҕүрэттэр эбит. Онон утуйар, аһыыр, көҕүрэттэр сирдэрэ эмиэ туһунан. Быһатын эттэххэ, солоҥдо андаатар бугул уйатын иһигэр толору хааччыллыылаах дьиэ оҥостубут.

Биһиги аахайбакка ааһар кыылларбыт, үөннэрбит-көйүүрдэрбит бары тус-туһунан олохтоохтор, бэрт дьиктилэр. Бары күн сырдыгын былдьаһан, олох иһин охсуһаллар. Арай икки эрэ атахтаах тосту-туора быһыыланан, көрбүтүн имири эһэр адьынаттаах. Сахаларга «олорор мутуккун кэрдимэ» диэн бэрт мындыр өс хоһооно баар. Өбүгэлэрбит сыыһа эппэтэх дьон буолуо.

Ньукулай Харытыанап кэпсээнэ

Харытыанап Ньукулай – эбэбитин кытта бииргэ төрөөбүт киһи уола. Ньукулай аҕата Аргылла бэрт элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх икки хараҕа суох оҕонньор этэ. Аргылла оҕонньор эдьиийигэр – биһиги эбэбитигэр кэлэн хоноон-өрөөн, ыалдьыттаан барара. Онно Сэһэн Боло кинигэтигэр киирбит былыргы үһүйээннэри кэпсиирэ. Кыһыҥҥы уһун киэһэлэргэ Аргылла оҕонньор куобах тириитин имитэ олорон Абааһы Даҕыр, Саһыл Мөндүүкээн тустарынан кэпсиирэ. Аргылла эдэр сааһыгар уһана сылдьан хараҕын дэҥнээбит, ол эрээри аҕыс оҕотун иитэн атахтарыгар туруорбут. Оҕолоро билигин Таатта улууһугар сис ыаллар, онтон биирдэрэ – Ньукулай. Кини биирдэ миигин көрсөн аҕам туһунан кэпсээбитэ. Онон, күндү ааҕааччы, ол кэпсээни истиэххэйиҥ.

«Мин оскуоланы бүтэрбит сылбар, күһүн балаҕан ыйыгар, эн аҕаҕар бултуу тиийбитим. Моойтоон диэн саастаах эриэн ыттаахпын. Убайым Дьөгүөссэ наһаа аймаҕымсах, үтүө киһи этэ. Өйүө-тайаа бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон, биир үтүө күн Хопто үрэҕэр бултуу таҕыстыбыт.

Хопто үрэх үүтээнигэр хонон, сарсыарда үрэҕинэн өрө хааман, күнүс үрэх баһын уутугар кэлэн аһыы олордохпутуна, ыттар үрэн тоҕо бардылар.

Аҕаҥ миэхэ: «Ньукулай, эн ол аппанан күөйэ сүүр, мин ыттар кэннилэриттэн батыһыам», – диэтэ.

Мин оччолорго эдэрбин, атахпар кыанабын, аппаны өрө сүүрдүм. Ыттар саҥаларынан сылыктаатахха, тайаҕы тохтоппуттар. Эмискэ ньим баран хааллылар. «Тайаҕы куоттардылар» дии саныы-саныы, аппаны өрө сүүрэн истим.

Ойоҕоспор мас тостубутугар эргиллэ түспүтүм: уонча хаамыы сиргэ, дьэ доҕоор, үйэбэр харахтаабатах кыылым утары иһэр эбит. Хаһан да көрө илик киһиэхэ улуу дьаалы илэ бэйэтинэн бу тиийэн кэллэ. Эчи мунна уһунун, өссө токурдаах, арбах муоһа улаханын, эбиитин икки өттүгэр эйэҥэлиир бытыктаах. Саллыбыт санаабар, чааскы саҕа хараҕын муҥунан бүлтэччи көрбүт. Мин кутталбыттан кыыл-сүөл ыллыгыттан туора ойдум. Кыл мүччү сыыһа үктээн батыччахтаан ааста, хата, бүтүн оҥоһуулаах киһи буолан таарыйбата. Тайаҕым ааспытын кэннэ өй ылан, кэнниттэн ытан хааллым.

Онтон дьэ, кыл саҕаттан тыыннаах ордубут курдук сананан, уоскуйаары олордум. Уҥуоҕум ууну испит сылгы курдук халыр босхо барда, көлөһүнүм сарт түстэ, сүрэҕим көмөгөйбүнэн тахсыахтыы мөҕүстэ. Олорон нэһииччэ уоскуйдум.

«Дьөгүөссэ тайаҕы ойуур ынаҕа диэн албыннаан улуу дьаалыга үлтү тэбистэрэ сыста» диэн испэр киһибэр кыыһырабын. Син балачча буолан баран киһим кэллэ, үөрбүт аҕай.

«Мохсоҕол, уол оҕото байанайдаах, табаҕайыҥ талааннаах эбит, барбат гына таптыҥ. Ыттар үрэллэрин истэҕин дуо?» – диэтэ. Дьэ онно өйдөөн истибитим, ыттар үрэх куулатыгар үрэллэр эбит. Мин долгуйан, ону даҕаны истэр кыаҕым суох.

Үрэх куулатыгар тахсан ыттар тохтотон турар буурдарын охтордум. Куттаммытым ааһан, үөрүү үлүскэнэ буолла. Дьөгүөссэ маҥнай уотун аһатта, онтон тайаҕы астаан баран быар үттэ, чоҥку оҕуста, үөс тардарын буһарда. Тото аһаабыппытын кэннэ: «Ньукулай, дэриэбинэҕэ киирэн атта таһаар. Сааҕын хааллар, чэҥкээйи оҥостума», – диэтэ.

Мин, тоҕустаах тайаҕы охторбут киһи, тута сөбүлэһэн дэриэбинэ диэки сүүрэ турдум. Сотору үөрүүм кутталынан солбулунна, суол бадарааныгар кырдьаҕас атаҕын суола субу барбыт, мэктиэтигэр буруолуу сытар курдук. Куттана-куттана салгыы сүүрэн истим, хас сыгынах барыта харахпар адьырҕа буолан көстөр. Ол аайы сүрэҕим парк гынар, куйахам дырдырҕыыр.

«Дьөгүөссэ саабын хааллаттаран адьырҕаҕа сиэтэр буолла» диэн испэр кыыһыра саныыбын. Бөһүөлэккэ этэҥҥэ тиийэн, ат аҕалан, үөрэ-көтө дьиэлээбиппит».

Дьэ итинник, убайым Ньукулай Бөтүрүөбүс 17 саастааҕар буолбут түөрт уонтан тахса сыллааҕы түбэлтэни бу баардыы көрөн олорор курдук кэпсээтэ.

Үһүс түһүмэх

Бүөтүр Баттынаагын кэпсээнэ

Дьааҥы чулуу булчута Дьөгүөр Состокуоп

Сартаҥ өрүс Дьааҥыга түһэр сиригэр баар үүтээҥҥэ киэһэ куобахха таҥыыларбытын көрөн баран, тото-хана аһаан утуйаары сытан, Бүөтүр кэпсээнин маннык саҕалаата.

Мин Дьааҥы Эбэ Хотуҥҥа күтүөт буолан кэлбитим отуттан тахса сыл буолла. Билигин даҕаны эт атахпынан сылдьан, үлэм быыһыгар кыра-кыралаан түүлээхтиибин. Маҥнай кэллэҕим утаа Дьөгүөр Состокуоп булка илдьэ сылдьар буолбута. Биһиги биир халыҥ аймахха күтүөттэрбит, онон биллэхтиибит. Адаардаах арҕастаах киэҥ нэлэмэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт Дьааҥы Эбэ Хотуҥҥа төһөлөөх булчут аар тайҕаны тайанан бултаан-алтаан ааспыта буолуой? Олортон уос номоҕор сылдьар чулуу булчуттар аҕыйахтар. Эһиэхэ чулуу булчут Дьөгүөр Состокуоп туһунан кэпсиэм.

Биирдэ Дьааҥыга саҥардыы кэлбитим кэннэ үһүө буолан үс атынан бултуу таҕыстыбыт. Киэһэ сөпкө бултуур сирбитигэр тиийэн, сирбитин-уоппутун аһатан баран утуйдубут. Куруук буоларын курдук түүнү быһа араас түүлү көрөн, баттатан, тиритэ-хорута сыттым. Дьөгүөр туран оһоҕун оттубутугар, дьэ уһугуннум. Оҕонньорум сирэйэ-хараҕа турбут, үөрбүт-көппүт.

«Дьэ, уолаттар, түүл-бит үчүгэй, түһээн нуучча дьахтарын таптаатым. Аата, буута кылбайан маҥана сүрдээх», – диэн кэпсээтэ. Түүнү быһа баттаппыт киһиэхэ ити толоостук иһилиннэ, кулгааҕым таһынан аһардым. Дьөгүөрүм түүлүн истэ сытан, испэр кыһыйа санаатым: «Сороҕу түүн аайы утуппакка эрэйдииллэр, сороххо маҥан бууттаах нуучча дьахтара көстөр. Хаһан миэхэ минньигэс түүллэр көстөллөр. Дьэ, киэһэ бултуйбатахпына, маҥан бууттаах дьахтарын санатарым буолуо».

Өл хабаат, сып-сап хомунан, аттарбытын ыҥыырдан, оҕонньорбут ыйбыт сиригэр алыыны өрө батан бардыбыт. Биһиги хоммут тыабыт дьиэтиттэн тэйээт, кэпсээммитин тоҕо тардан кэбистибит. Күлсүү-салсыы, кэпсээн-ипсээн бөҕө. Сынньана сылдьар дьон курдукпут. Син балайда өр хаамтаран биир улахан алыыга кэллибит. Биһиги саҥабытыттан тэһииргээн, икки улахан аарыма тайах алыы уҥуор өттүттэн ойон күн уотугар хара өҥнөрө килэбэчийэн, биһиги барыахтаах үрүйэбитинэн аргыый таҕыстылар. Дьэ ону көрөн биһиги өрө булумахтана түстүбүт.

Уолум тайахтары эккирэтээри санаммытыгар, сарсыардааҥҥы кыһыыбын таһааран: «Нуучча дьахтардаах оҕонньордоохпут, үөһээттэн куйаар нөҥүө көрөн иһэрэ буолуо. Ыксаама, биһиги аргыый баран иһиэххэ», – диэтим.

Ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ алыыны туораан тайахтар тахсыбыт үрүйэлэрин ортолоон истэхпитинэ, иннибитигэр саа тыаһа хаста да өрө хабылла түстэ.

Уолум дьиктиргээбит куолаһынан: «Ити кимнээх ыттылар, бу ыраах түҥ тыаҕа дьон баар эбит дуу?» – диэтэ.

Онуоха мин: «Ити биһиги киһибит ытта, иннибитигэр хайдах урутаан тиийэн ыппытын билбэппин. Куйаары кытта кэпсэтэр киһи хайдах баҕарар тиийиэҕэ», – диэн Дьөгүөр истибэтигэр күллүм.

Оччолорго, урукку дьон сиэринэн, кырдьаҕастан толлобун, утары тугу да саҥарбаппын. Эгэ күлүөм дуо, суох буоллаҕа дии, истибэтигэр эрэ тосту-туора тыллаһабын. Балайда хаамтаран тиийбиппит: киһибит тоҕус салаа муостаах хара өҥнөөх аарыма буур үрдүгэр бэрт холкутук табахтыы олорор. Дьөгүөр бултаабытын көрөн мах бэрдэрдим, хомуруйуох буолбут санаам күдэҥҥэ көттө, киһим түүлүттэн саллан, сүр баттатан, саҥата-иҥэтэ суох турдум. Улахан булчуттар, айылҕа оҕолоро түүллээх буолалларын онно дьэ оройдоппутум.

Онтон ыла сарсыарда уһуктаат да, түүлү ырытар идэлэммитим. Аар тайҕа таайыллыбатах дьикти күүстэрэ тугу этэллэрин билэ сатыыр буолбутум. Сороҕор хас да түүн түүлгэ таайтаран этэ, сэрэтэ сатыылларын куҥ эт дьон сэрэйбэппит. Бэйэбитин наһаа сайдыбыт курдук сананан, аанньа ахтыбаппыт, түүлбүтүн сатаан тойоннообоппут. Былыр үйэлэрин тухары аар тайҕаҕа олорбут, сиэри-туому тутуспут булчут өбүгэлэрбит туох буоларын курдат билэллэр үһү. Ол иһин төһөлөөх элбэх моһолу этэҥҥэ туораан үйэлэрин моҥууллара буолуой. Былыргылар унньуктаах уһун күҥҥэ киһини түөрт уон түөрт моһол күүтэр диэн этэллэрэ. Аныгы дьон сиэри-туому тутуспакка, сэрэммэккэ-сэрбэммэккэ, ууну-уоту ортотунан сылдьабыт. Улахан булду аанньа ахтан киһилии бултаабакка, бааһырдан баран тута охторбокко, ыттары үөрэтэбит диэн ааттаан оонньуу оҥостуу, булт суруллубатах сиэрин кэһии, улахан аньыы буолар. Булт үгэһин тутуспакка арыгылаан ампаалыктаһабыт, итирэн-кутуран, чуумпу эбэлэри аймыыбыт, төһө булду суоһарбыппытынан куоталаһа-куоталаһа киһиргиибит. Ол иһин, кэнники кэмҥэ дэҥ, оһол элбээтэ, айылҕа айманна. Туох барыта иэстэбиллээх, сыыһа-халты туттуу содуллаах дииллэрэ барыта баар, куоттарбат.

Дабдарыга

Саас кус саҕана үһүө буолан сылгыһыттар базаларыгар сытабыт. Атаһым Ньукулай биһикки кустуубут. Оттон Дьөгүөр күн аайы тайахтары көрдөөн ыта суох атынан хаамтарар. Күн аайы мэлийэн кэлэр, соччо саҥа-иҥэ суох, биһиги онно эрэ кыһаллыбаппыт. Уонча күн кустаан сөп буоларбытын бултаатыбыт. Дьиэлиир кэммит тиийэн кэллэ, кустаан кэлэн киэһэ эрдэ өртөөн ыыппыт аттарбытын тутан бэлэмнэннибит. Сарсыарда оҕонньорбут эрдэ турда, сирэйэ-хараҕа турбут, туттара-хаптара сыыдамсыйбыт. Мин Дьөгүөр сирэйин-хараҕын көрөөт, тута байанайдаах түүлү түһээбитин сэрэйдим. «Оҕонньор эмиэ маҥан бууттаах нуучча дьахтарын түһээтэҕэ» диэн испэр омнуолуу санаатым.

Сарсын, дьиҥэ, үлэм күнэ саҕаланар. Онон тардыллар, үлэбэр «борогууллуур» киһи буоллум.

Оҕонньор тото-хана аһаан, аа-дьуо туран оһоҕун аһатта, дьэ уонна сэрэйбитим курдук эттэ: «Күнүс Дабдарыга аһыахпыт, онон билигин бу үрүйэни өрө батан, хайаны уҥуордаан, ол сиргэ эбиэккэ тиийиэххит. Онон Дабдарыттан суолбутун көннөрүөхпүт, өтөхпүтүн быһыахпыт».

Испэр төһө да дьиэбэр ыксаатарбын, убай оҥостон ытыктыыр киһибэр тугу да утары эппэтим.

Үүтээҥҥэ наара ороҥҥо кэтэх тардыстан сытар Ньукулуйбар киирэн үҥүстүм, онуоха киһим холку бэйэлээхтик хардарда: «Убай эппитин кэннэ хайыахпытый, барар буоллахпыт».

Үүтээнтэн тахсыбыппыт оҕонньор аллаах атын хаамтаран лаһыгыратан ырааппыт. Биһиги аттарбытын тутан айгыстан, син өр бодьуустаһан ыҥыырдан, сарыы бэрэмэдэйбитигэр малбытын-салбытын хаалаан, кэмниэ кэнэҕэс дьэ аалбыт баһа хоҥунна. Ол баран иһэн «уонча хонукка таах халтайга хаамтара сырыттыбыт, тугу эрдэ бултаабакка сылдьыбытай, барар күҥҥэ дьэ буолан-хаалан турда» диэн испэр хомуруйан оҕонньору мөҕүттэбин. Дьэ оннук санаалаах-оноолоох эбиэккэ Дабдарыга тиийдибит. Киһибит эрдэ кэлэн чэйин оргутан бэлэм олорор эбит.

Дьөгүөр өл хабаат суолбутун ыйда: «Бу алыыны туораан, ол үрүйэни өрө батан, итинэн бара туруҥ. Мин ити үрүйэ баһын көрөн баран эһигини эккирэтиэм. Ол гынан баран, саа тыаһаатаҕына төннөөрүҥ».

Мин дьиэлээн иһэр буолан санаам көтөҕүлүннэ, ол иһин эттим: «Ньукулай, саа тыаһаатаҕына мин истибэппин. Саа тыаһаабатар ханнык, наһаа хараҥаҕа харбыаласпакка эрэ аартыкка киирбит киһи».

Ол кэпсэтэ истэхпитинэ, таас дьааҥылар чуумпуларын уйгуурдан, харабыын хатан тыаһа сатараата.

Мин өрө хаһыытыы түстүм: «Эн иһиттиҥ дуо? Мин истибэтим».

Ньукулайым наҕыл киһи, холку бэйэлээхтик: «Истэн. Кырдьаҕаспытын хаалларбат буоллахпыт», – диэн сөҥүдүйдэ. Тоҥ күөс быстыҥа аллаах аттарбытынан сиэллэрэн бытыгыратан кэллибит. Оҕонньорбут алыы кытыытыгар куулаҕа лөкөйү охторон, үрдүгэр эмиэ бэрт холкутук табахтыы олорор. Баай Байанайбытын аһатан, кыратык сынньанан баран, үөрэ-көтө кыылбытын астаатыбыт.

Дьааҥы уос номоҕор киирбит чулуу булчута дьэ итинник бултуур этэ. Түүлү-бити олус итэҕэйэрэ, онон сирдэтэн бултуура, ыта таймата суох, куска үөмэр курдук, тайахха үөмэн ытара. Сэрэх бөҕөлөөх айылҕа маанылаах оҕолоро харахтара, кулгаахтара бүөлэнэн, хайдах оннук чугаһаталларын сатаан санаабаппын.

Продолжить чтение